Спорт эйгэтин үлэһиттэрэ спартакиаданы кыайыынан саҕалаатылар

Дьокуускайга СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка министерствотын иһинэн ыытыллар профсойуус спартакиадата тохсунньу 28 күнүттэн саҕаланна. Ол курдук, волейболга Нам улууһун эр дьонун уонна дьахталларын хамаандалара кыайыы көтөллөммүттэр.

Хамаанда санаата өрө көтөҕүллэр – Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай эрэл спорт оскуолатын дириэктэрэ Василий Винокуров волейболистарга тиийэн ыарыйда.

“Бүгүн СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка министерство тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ профсойуус спартакиадатын бастакы көрүҥэр көрүстүлэр. Волейболга барыта 16 хамаанда кэлбититтэн, Диана Готовцева салайааччылаах Нам профсойууһа дьахталларга уонна эр дьоҥҥо бэрт үчүгэйдик саҕалаабыттарыттан үөрэбит.

Бэлиэтээн эттэххэ, спартакиадаҕа икки тэрилтэни холбууллар. Биһиги намнар Аллараа Бэстээх спорт оскуолатын кытта биир хамаанда буолабыт. Бу оскуолаттан кыргыттарга икки үлэһит киирэн күрэхтэстэ. Икки хамаанда иккиэн саҥа сылга бастааннар кыайыы өрөгөйө тосхойдо”, – диир Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай эрэл спорт оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Раиса Негнюрова.

Үлэһиттэр спартакиада 14 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ. Хамаандалар олунньу ыйга буулдьанан ытыы көрүҥэр көрсөллөрө былааннанар.

Харысхан Попов

Читайте дальше