«Спортивные якутяне» спартакиадаҕа Нам улууһа гиирэ спордун көрүҥэр 8 путевка ылла

Дьокуускайга “Модун” спорт төрүт көрүҥнэригэр кииҥҥэ олунньу 2-4 күннэригэр гиирэҕэ уолаттарга уонна кыргыттарга Саха сиригэр бастыыр иһин күрэхтэһии ыытыллан бүппүтүн “Спортивные якутяне” кылаабынай судьуйата Юрий Балаганскай иһитиннэр.

“Спортивные якутяне” спартакиадаҕа сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ Нам улууһун аатын улуустааҕы “Олимпик” спорт оскуола көмүскээбит. Ол курдук, Нам улууһун оҕолоро сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ түөрт мэтээл уонна сайын буолуохтаах спартакиадаҕа 8 путевка ылбыттар. Гиирэҕэ 16 хамаанда күрэхтэспититтэн, Нам улууһун оҕолоро бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тахсан наҕараадаламмыттар.

Бириистээх миэстэлэри ыллылар:
3 миэстэ – Северьянова Нария;
3 миэстэ – Харатаала Арчылаан;
2 миэстэ – Харатаала Арылхан;
2 миэстэ – Николаев Витя.

«Олимпик» спорт оскуола иитиллээччилэрин уонна тренерын Иннокентий Окоемовы ситиһиилэринэн, кыайыыларынан эҕэрдэлиибит.

Харысхан Попов

Читайте дальше