Дьокуускайга бэҕэһээ сүүрүүнү таптааччыларга “2024 Drivee Якутский Марафон” буолбута. Нам улууһун уола Станислав Саввинов 5 км уһуну сүүрүүгэ 469 кыттааччыттан 2 нүөмэр буолла. Станислав бочуоттаах 2-с миэстэҕэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибит.
Сүүрээччи дьон “2024 Drivee Якутский Марафон” сүүрүүгэ 5 км, 10,5 км, 21,1 км уонна 42,2 км дистанцияларга бэйэлэрин күүстэрин холоммута, бэрэбиэркэлэммитэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Станислав Саввинов Нам улууһун чиэһин таһымнаах күрэхтэһиилэргэ көмүскүүр боксер Борис Саввинов бииргэ төрөөбүт быраата буолар. Аҕалара «За заслуги перед Отечеством» II-с истиэпэннээх мэтээл уордьан хаһаайына Прокопий Саввинов.
“Хас биирдии сүүрээччи тэрийээччилэртэн рюкзак уонна футболка ылбыта. Нэһилиэнньэҕэ маннык марафон оҥороллоро спорду таптыырга, спордунан дьарыктанарга ыҥырыы буолар. Тус бэйэм сүүрүүттэн опыт ыллым”, – диир Станислав.
Харысхан Попов