Бүгүн Нам сэлиэнньэтин “Строительнай” түөлбэтэ “Сандалы” остолобуойга Саҥа дьылы көрсө атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийдэ. Дьаарбаҥкаҕа тоҥ чыыр, тоҥ сордоҥ, бырааһынньыктааҕы тортар, сүөгэй, мүөт, ИП Аргунов Д.Д., ИП Сучко А.И. ыыһаабыт эттэрэ, ойоҕосторо, бэйэ оҥоһуга халбаһылара о.д.а. ас арааһа атыыланна. Дьон сөбүлүү көрбүт аһын-үөлүн хамаҕатык атыыласта.
Саҥа дьыллааҕы бэйэ оҥоһуга сувенирдар, оонньуурдар, магнитиктар, харыйа шардара, өрүү корзиналар, мал угар иһиттэр, ыраастаныыга, арчылааһыҥҥа туттуллар боҕуруоскай, кытыан, бөрө отторо болҕомтону эмиэ тарта, сорохтор сэргии көрбүттэрин ыллылар.
Дьаарбаҥка атыылааччылара бары Санта Клаус бэргэһэтин кэппиттэрэ Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны биэрдэ. Кинилэр дохуот киллэринэн (түөлбэ олохтоохторо эрэ буолбакка, ким баҕа өттүнэн кыттан), атыылаһааччылар Саҥа дьылга бэлэмнэниилэрэ табыллан астыннылар.
Бу дьаарбаҥканы нэһилиэк депутата Анна Петровна Гоголева, түөлбэ салайааччыта Вера Васильевна Прокопьева көҕүлээн тэрийдилэр.
Сардана Бугаева:
-Дьаарбаҥка наһаа үчүгэй, Анна Петровнаҕа махтал! Өссө да маннык тэрээһиннэр буола турдуннар.
Полина Эверстова:
-Наһаа үчүгэй дьаарбаҥка буолла. Анна Петровнаҕа маннык тэрээһиннэри ыытарыгар махтанабын!Дьаарбаҥкаҕа бастакытын кыттан долгуйдум, үөрдүм.
Дарья Жолдошева:
-Анна Петровнаҕа ыҥырбыккытыгар улахан махтал!Хата, бэйэм Саҥа дьыллыыр аспын булуннум. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан!
Слепцова К.П.:
—Сегодня побывала на очень хорошей предновогодней ярмарке, которую провели Анна Петровна Гоголева с жителями микрорайона “Строительный”. Они проводят уже третий раз. Все так хорошо обустроено, продавцы в новогодних колпаках, которая придает атмосферу праздника. Ассортимент очень хороший, все для новогоднего праздника: рыба для строганины, копчености, торты, сувениры и поделки ручной работы. Все очень хорошо.
Касьян Олесов-Олук