Намҥа ГАИ инспектора Ольга Павлова педагогтар сүбэ мунньахтарыгар кэлбит иитэччилэргэ суол быраабылатын кэпсиир “Внимание, дети” акция ыытта. Ол курдук, оҕо уһуйаантан саҕалаан суол быраабылатын, бэлиэлэри үөрэппитэн барыахтаах.
“Суолга куттал суох буолуутун туһугар олохтоммут быраабылалары, бэлиэлэри оҕо эрдэхтэн үөрэтиэхтээхпит. Оҕоҕо биллэн турар, маҥнай төрөппүт быһаарыахтаах”, – диир инспектор Ольга Александровна.
ГАИ үлэһиттэрэ оҕо тэрилтэлэригэр сылдьан үгүс тэрээһиннэри, акциялары уруккуттан ыыталлар. Кэнники сылларга ыытыллар тэрээһиннэр ордук тупсубуттарын, сайдыбыттарын көрөбүт-истэбит.
Ол эрээри, кэһиилэр олох суох буоллуллар, тупсуу өттүгэр бардыбыт дииртэн туттунабыт. Холобура, былырыын массыынаҕа оҕону анал кириэһилэтэ суох 348 суоппар кэспит, быйыл 369 кэһии буолбута этиллэр. Итинэн, төрөппүт эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыан наадата бигэргэнэр.
Бүгүн улууспут уһуйааннарын иитээччилэрэ оҕо суол быраабылатын, бэлиэлэри билиэхтээх диэн ис хоһоонноох тыллардаах ромашка сибэккини толорон, ситэрэн биэрдилэр.
Харысхан Попов