Сурутуу эстафетата

Ленскэй нэһилиэк “Октябрьскай” түөлбэтин депутата Владимир Сыромятников сурутуу эстафетатын «Ипподром» түөлбэ депутата Алексей Крыловтан тутта. Владимир Владимирович «Эҥсиэли» хаһыаты түөлбэтин олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото статустаах Попова Акулина Афанасьевнаҕа сурутта.

“Октябрьскай” — сэлиэнньэ биир улахан түөлбэтэ. 2011 с. тэриллибитэ. Манна 500-кэ киһи олорор. Оҕо эйгэтин түөлбэтэ, «Кэнчээри», «Кэскил» детсаадтар, хас да маҕаһыын бааллар.

Түөлбэ депутата Владимир Сыромятников эстафетаны «Строительнай» түөлбэ депутата
Гоголева Анна Петровнаҕа ыытта.

«Эҥсиэли» хаһыат

Читайте дальше