Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, сэтинньи 6-12 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 13 (ааспыт нэдиэлэҕэ 32) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Онтон 3-һэ – оҕо.
Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, оҕолор: 7-14 – 1, 15-17 – 2; улахан дьон: 18-29 – 2, 30-49 – 3, 50-64 – 4, 65 үөһээ – 1.
Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:
Нам – 8,
Хатырык – 3,
Үөдэй– 2.
Дьиэ кэргэн иһигэр – 1, үлэлэригэр – 2, үөрэх тэрилтэлэригэр – 4, медицинскэй өҥөнү оҥоро сылдьан 2 киһи коронавируска сыстыбыт. 4 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.
Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, внебольничнай пневмония – 1, ветрянка – 4, сальмонеллез – 1.
Нам улууһун үрдүнэн барыта 7733 киһи ГРИПП утары быһыыны ылбыт, онтон 2972-тэ – оҕо. Сэтинньи 9 күнүн туругунан, 1667 доза быһыы ордубут, онтон 28-һа – оҕо вакцината.
Грипп уонна ОРВИ, COVID-19 профилактическай миэрэлэрин санатабыт:
— Элбэк киһи мустар, общественнай сирдэргэ сылдьыыны аччатыҥ.
— Сөтөллөргүтүгэр уонна ытырдаргытыгар биирдэ туттуллар салфеткалары туһаныҥ.
-Дьон элбэхтик мустар сирдэригэр: атыы-эргиэн кииннэригэр, бааннарга, автобустарга, таксиларга о.д.а. медицинскэ\й мааскалаах сылдьыҥ.
— Кирдээх илиигитинэн айаххытын, муннугутун эбэтэр хараххытын таарыйымаҥ.
— Илиигитин элбэхтик мыылалаан суунуҥ, дезинфекциялыыр средстволары туһаныҥ.
— Таһырдьа сылдьан баран муннугутун сайҕааҥ.
— Телефоннаргытын спиртээх салфетканан сууйуҥ-сотуҥ.
— Бэйэ-бэйэҕититтэн 1,5-2 м социальнай дистанцияны тутуҥ.
— Аһары сылайыыттан, стрессовай түгэннэртэн бэйэҕитиҥ харыстааҥ.
— Тымныйыы сибикилэрин түгэнэ баар буоллаҕына бэйэҕит эмтэммэккэ, тутатына бырааска көрдөрүҥ.