Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, сэтинньи 13-19 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 15 (ааспыт нэдиэлэҕэ 13) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Онтон 1-рэ – оҕо, ааспыт нэдиэлэҕэ 3 эбит. Ыалдьыбыт дьон бары амбулаторно эмтэнэллэр.
Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, оҕолор: 1-6 – 1; улахан дьон: 18-29 – 1, 30-49 – 6, 50-64 – 6, 65 үөһээ – 1.
Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:
Нам – 5,
Хатырык – 4,
Аппааны – 3,
Үөдэй – 2,
2 Хомустаах – 1.
Дьиэ кэргэн иһигэр – 2, үлэлэригэр – 2, медицинскэй өҥөнү оҥоро сылдьан 1 киһи коронавируска сыстыбыт. 10 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.
Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, внебольничнай пневмония – 1, ветрянка – 3, ОРВИ – 1.
Нам улууһун үрдүнэн барыта 8599 киһи ГРИПП утары быһыыны ылбыт, онтон 2982-тэ – оҕо. Сэтинньи 16 күнүн туругунан, 786 доза быһыы баар, онтон 3-һэ – оҕо вакцината. Бу нэдиэлэҕэ 900 доза оҕо вакцината кэлэрэ күүтүллэр.