Сутуллуу: 30 киһи – коронавирус

Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, алтынньы 9-14 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 30 (ааспыт нэдиэлэҕэ 21) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Онтон 5-һэ – оҕо.

Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, оҕолор: 7-14 – 3, 15-17 – 2; улахан дьон: 18-29 – 2, 30-49 – 8, 50-64 – 11, 65 үөһээ – 4.

Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:

Нам – 10,

Хатырык – 5,

Көбөкөн – 2,

Аппааны – 2,

Кыһыл Дэриэбинэ – 1,

Хамаҕатта – 9,

1 Хомустаах – 1.

Дьиэ кэргэн иһигэр – 3, үлэлэригэр – 12, медицинскэй көмө оҥоро сылдьан – 1 киһи коронавируска сыстыбыт. 14 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.

Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, внебольничнай пневмония – 1 улахан киһи; ветрянка – 3 оҕо.

Читайте дальше