Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, ахсынньы 4-10 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 2 (ааспыт нэдиэлэҕэ 3) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Оҕолор ыалдьаллара бэлиэтэммэтэх.
Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, улахан дьон: 30-49 – 1, 50-64 үөһээ – 1.
Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:
Хатырык – 1,
Үөдэй – 1.
Куоракка баран 1 киһи коронавируска сыстыбыт. 1 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.
Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, салгын уоспата (ветрянка) – 14 оҕо; ОРВИ – 6, мантан биэһэ – оҕо; ГРИПП А – 4 оҕо; сэбиргэхтэтии – 1 оҕо; энтеробиоз – 1 оҕо, быкка ыстарыы – 1 оҕо.
Нам улууһун үрдүнэн барыта 10109 киһи ГРИПП утары быһыыны ылбыт, онтон 3709-һа – оҕо.