Сутуллуу: 9 киһи – коронавирус, 10 киһи – атын инфекционнай ыарыы

Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, сэтинньи 20-26 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 9 (ааспыт нэдиэлэҕэ 15) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Онтон 3-һэ – оҕо, ааспыт нэдиэлэҕэ 1 эбит. Ыалдьыбыт дьон бары амбулаторно эмтэнэллэр.

Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, оҕолор: 7-14 – 1, 15-17 – 2; улахан дьон: 30-49 – 1, 50-64 – 1, 65 үөһээ – 4.

Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:

Нам – 2,

Үөдэй – 6,

Хатырык – 1.

Дьиэ кэргэн иһигэр – 2, үөрэх тэрилтэтигэр – 1, маассабай тэрээһиҥҥэ сылдьан 1 киһи коронавируска сыстыбыт. 5 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.

Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, ветрянка – 5, ОРВИ – 2, быкка ыстарыы – 1, энтеробиоз – 1, эпэрээссийэ кэнниттэн  инфекция – 1.

Нам улууһун үрдүнэн барыта 9073 киһи ГРИПП утары быһыыны ылбыт, онтон 3008-һа – оҕо.

 

 

Читайте дальше