Сыалбытын-сорукпутун ситтибит

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн интервью биэрдэ.

Юрий Иннокентьевич, ааспыт сылы хайдах сыаналыыгын? Былааннаммыт ситтэ дуо?

-Үтүө күнүнэн! Ааспыт сылга олох араас эйгэтигэр: тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа харыстабыла, үөрэх, спорт, культура салааларыгар туруоруммут сыалбытын-сорукпутун ситтибит дии саныыбын. Хас биирдии эйгэҕэ ситиһиилэр, үтүө түмүктэр бааллар диэн көрөбүн.

Сылын аайы көрсөр кыһалҕаларбытыттан – сааскы халаан уута этэҥҥэ ааста, ойуур баһаара турбата. Ити барыта кыһалҕаны, турар боппуруостары төрдүттэн быһаарыыга бииргэ үлэлэһии, түмсүү бэлиэтэ буолар. Ону сэргэ, күүстээх профилактическай үлэлэр, рейдэлэр ыытыллыылара, туһааннаах тэрилтэлэр, үлэһиттэр эппиэтинэстээх сыһыаннаһыылара маннык көрдөрүүгэ тиэртэҕэ.

Билигин оҕону, ыччаты патриотическай иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Уһуйаантан саҕалаан оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола улаатарыгар кыһаллан иитэбит. Инникитин даҕаны манна тирэҕирэн үлэ-хамнас ыытыллыаҕа. Биһиги оҕолорбут араас эйгэҕэ ситиһиилэринэн үөрэбин уонна киэн туттабын.

Тутуу эйгэтин таарыйдахха, кыратык хаалыы баар. Бу манна үгүс төрүөтүнэн үлэһит илии тиийбэтэ, бэдэрээтчиттэр бириэмэлэрин арыый сыыһа ааҕыныылара буолар. Ол эрэн, бу сыл саҕаланыыта барыта силигин ситиэ диэн эрэннэрэбин.

Суол-иис өрөмүөнэ былааннаммытын курдук барар. Намтан Мыраантан тахсыыттан суол өрөмүөнэ ыытыллан, барарга-кэлэргэ табыгастаах буолла. Итини сэргэ, Түбэҕэ диэри суол өрөмүөнэ эмиэ оҥоһулунна. Онон үлэ тиһигин быспакка барар.

Ааспыт «Сомоҕолоһуу уонна Биир санааланыы» сыла ордук ханнык салааҕа, эйгэҕэ көһүннэ?

-Дойдуга уустук кэмнэр тирээн туралларынан, 2023 сылы Сомоҕолоһуу уонна Биир санааланыы сылынан биллэрбиппит. Ханнык да ыарахан кэмнэргэ сомоҕолоһуу эрэ барытын кыайар буоллаҕа. Ол курдук, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмөлөһөр сыаллаах икки улахан марафон тэриллибитэ. Онно улууспут дьоно бары ким харчынан, ким малынан көмөлөһөн, уолаттарбытыгар тиэрдэн кэллибит. Бу маннык тэрээһиннэргэ кыттан түмсүүлээхпитин, тугу барытын кыайыахпытын сөбүн көрдөрдүбүт. Түгэнинэн туһанан, улууһум дьонугар-сэргэтигэр истиҥник махтанабын. Инникитин даҕаны маннык тэрээһиннэртэн туора туруоххут суоҕа диэн эрэлбин тиэрдэбин.

Куруук этэбин, ханнык баҕарар үлэ, дьыала-куолу биир киһи үлэтэ буолбатах. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит салалталарын, бэйэбит тэрилтэлэрбит үлэһиттэрин кытта биир хамаанда буоламмыт үлэни, туруоруллубут былааны ситиһэбит.

Улуус бастыҥ, сүрүн салаатыгар ханныктары киллэрэҕин? Ол эбэтэр ханнык эйгэҕэ, салааҕа атын улуустартан ордукпутуй? Чорбойобутуй?

-Биһиги атын улуустары кытта куоталаспаппыт. Атын улуустартан холобур ылыахпытын сөп. Улууспут сүрүн дьарыга – тыа хаһаайыстыбата. Ону сэргэ, урбааҥҥа болҕомто ууруллар. Уопсайынан, эйгэни барытын тэҥинэн сайыннарар сыаллаах үлэлиибит-хамныыбыт.

Онон сиэттэрэн, тыа хаһаайыстыбатын, урбаан уонна культура эйгэлэригэр 5 сыллаах стратегическай былаан-бырайыактары оҥордубут. Ол курдук, улууспут сайдыытын суоттаан-учуоттаан туран оҥоһулунна. Онон бырайыактар олоххо киирдэхтэринэ бу эйгэлэргэ үтүө түмүктэр, көрдөрүүлэр баар буолуохтара диэн эрэнэбин.

Улуус сүрүн кыһалҕаларын ааттаталыаҥ дуо?

-Сүрүн икки улахан кыһалҕаны бэлиэтиибин. Ол курдук, быстар дьадаҥытык олорор ыал ахсаана син биир баар. Ону аҕыйатарга, суох гынарга былааннаах үлэ барар. Уопсайынан, улууспут дьонун олоҕо уйгулаах, туруктаах буоларыгар кыһаллан туран үлэни ыытыахтаахпыт.

Иккиһинэн, суол өрөмүөнүн үлэтэ. Төһө да суол өрөмүөнэ сыллата ыытылыннар, алдьаныы-кээһэнии син биир тахсар, онно дойдубут тыйыс усулуобуйата, сайыммыт кылгаһа да эбиллэн төрүөт буолар. Ол эрээри суол оҥоруутугар улахан болҕомто ууруллар, ууруллуо даҕаны.

Улуус дьонун олоҕун хайдах сыаналыыгын? «Дьадайыы», «байыы» диэн өйдөбүллэр билигин төһө суолталаахтарый? Дьадайыы таһымын туоратыыга диэн үлэ барар дуо? Ол түмүгэ?

-Хас биирдии олохтоох туруктаах буолара мин өйдөбүлбэр – оҕо бастыҥ уһуйааҥҥа иитиллэн, сайдыылаах оскуолаҕа үөрэнэн, улаатан, аныгы ирдэбилгэ бары өттүнэн эппиэттиир социальнай объектарга үлэлиэхтээх, сылдьыахтаах уонна олоруохтаах. Ону барытын тэрийэргэ кыһаллан үлэлиибит.

Саҥа үлэ миэстэтин таһаарыыга бу сылларга былааннаах үлэ барда. Хас биирдии саҥа тутуу – уһуйаан, дыбарыас, социальнай объект – үлэҕэ киирдэҕинэ хайаан даҕаны элбэх саҥа үлэ миэстэтэ тахсар.

Урбаан эйгэтигэр урбаанньыттарбыт ахсааннара эбиллэр. Уопсайынан, судаарыстыбаттан көрүллэр механизмнары толору туһана сатыыбыт. Ол курдук, 150 киһи социальнай контрагынан көмө ылан бэйэлэригэр да дохуот киллэринэллэр, улууспут сайдыытыгар да көмө буолаллар. Оттон тыа хаһаайыстыбатыгар этэр буоллахха, «Дьиэ кэргэн экономикатын өйөөһүн» программа үлэлээн дьон эбии дохуоттанар кыаҕа оҥоһулунна. 2023 сылтан түргэнник ситэр көтөрдөрү, чуолаан, Нам улууһугар бу хайысханан дьарыктанар бэйэ дьарыктаах биирдиилээн хаһаайыстыбаттан, атыылаһан ылалларын ситиһии буолар. Бу программаны сылтан сыл уларытан, көрүҥүн элбэтэн, дьоҥҥо туһалаах, барыстаах өттүн көрөн үлэлэтэбит.

Хомойуох иһин, быстар дьадаҥытык олорор ыал олоччу бүттэ диир кыах суох. Ил Дархаммыт быйыл дьадайыыны утары ылыллар миэрэлэр туһунан стратегическай ыйаах таһаарда. Уопсайа араас хайысханан 29 бырайыак оҥоһулунна.

Онон бу кыһалҕа төрдүттэн быһаарылларыгар күүстээх сыал-сорук турда. Маныаха улууска анал хамыыһыйа тэриллэн үлэни саҕалаата. Улууспут иһигэр эмиэ эбии араас ньымалары толкуйдаан, дьоммут-сэргэбит олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар былааннаах үлэни ыытыахпыт.

Бу сыл улууска Оҕо спордун сылынан буолар.

-Бу сыл дойдуга Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылларынан биллэрилиннэ. Оттон Нам улууһугар Оҕо спордун сылынан биллэрдибит. Онон, бары өттүнэн дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах, туһааннаах сыл буолуоҕа.

Спорка, чөл олоххо оҕону кыра эрдэҕиттэн иитиэххэ, үөрэтиэххэ-такайыахха диэн этэллэрэ сөрү-сөп. Оҕо ханнык баҕарар үөрэҕи, дьоҕуру кыра сылдьан иҥэриннэҕинэ эрэ инникитин ылсар, онон дьарыктаныан баҕарар буолар. Туох барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Бэл, «оҕоҕун иитиэххин баҕарар буоллаххына, бастаан бэйэҕин иит, үөрэт» дииллэр.

Кырдьык, оннук! Оҕо көрөн үөрэнэр. Оҕо эрдэҕиттэн ийэлээх аҕата спорду өрө тутан дьарыктаналларын, чөл олоҕу тутуһалларын көрө улааттаҕына, бэйэтэ эмиэ оннук иитиллэн тахсар. Оҕолорбут, кэнчээри ыччаппыт өй-санаа, эт-хаан өттүнэн чэгиэн буолалларын, чөл олоҕу тутуһалларын ситиһиэхтээхпит.

Онон бу сыл саҥатыгар ылыныллар былааннар, тэрээһиннэр барыта дьиэ кэргэн олоҕо тупсарын, оҕо спорт өттүнэн сайдарын туһугар туһуланыахтара.

Лена Ноговицына