Ынах-сүөһүнү, сылгыны бас билээччилэр иитии быраабылатын тутуһуҥ. Уопсастыбаҕа көҥүл сылдьар ынах-сүөһү, сылгы олоххо-дьаһахха, олохтоохторго кутталы үөскэтэр!
Суол быраабылатын араҥаччылааччылар сэлиэнньэҕэ тахсар көстүүлэри суол сырыытыгар куттал суох буолуутун хамыыһыйатыгар, тустаах тэрилтэлэргэ иһитиннэрэллэр эбит.
“Бу сайын Ойуунускай уонна Ленскай аат. уулуссалар быһа охсуһууларыгар, эрдэттэн да куттанар бэйэбин аан маҥнай аттар куттаан турардаахтар. Ол курдук, биир ат икки-үс ат батыһыннарыылаах тугу эрэ көрдүүр курдук уун-утары кэлбитигэр хаамыы, сүүрүү былаастаах куоппутум, дьолго… Оҕолорум кыра эрдэхтэринэ өссө этээстээх дьиэлэр тастарыгар киирэллэр этэ. Куттал…”, – диир Ленскэй нэһилиэк олохтооҕо.
“Ынах, сылгы суолга тахсыыта аҕыйаабат. Биэс сыл иһигэр ылан көрдөххө, дьиэ кыыла сүрүн суолга тахсыыта элбээбит. Үксүн күлүк сири былдьаһаллар уонна бөҕү-сыыһы быраҕар дьааһыктарга сысталлар. Быһа холоон, сыл ахсын биирдии хаһаайын миэрэҕэ тардыллар”, – диир ГАИ начальнигын солбуйааччы Айаал Дьяконов.
ӨЙДӨӨҤ!
Ахсынньы 27 күнүгэр 2018 с. ФЗ-N498 13 ыстатыйанан “Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан” (“Об ответственном обращении с животными”) ынах-сүөһүнү, сылгыны бас билээччилэр административнай эппиэтинэһи сүгэллэрин умнумаҥ!
Харысхан Попов