Дьиэ кыыла – сылгы, ынах сэлиэнньэ, нэһилиэк иһигэр бэйдиэ көҥүл сылдьыа суохтаах. Элбэх киһи тоҕуоруһа мустар сирдэригэр үөр сылгы, ынах сылдьара олохтоох нэһилиэнньэҕэ биир кыһалҕанан биллэр.
“Ахсынньы 27 күнүгэр 2018 с. ФЗ-N498 13 ыстатыйанан “Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан” административнай эппиэтинэс баарын умнубаппытыгар. Үөр сылгы бөһүөлэккэ киириитэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, ойо-аймахха кутталы үөскэтэр. Куйаас күннэргэ тигээрдээн сүүрдэхтэрэ соччото суох көстүү”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков.
Ынахтары, сылгылары бостууктаах илдьэ сылдьалларыгар, бас билээччилэргэ мунньахтарга, интернет ситимнэринэн, радионан тиэрдэллэрин Намнааҕы ДПС ГИБДД начальнигын солбуйааччы Айаал Дьяконов этэр. Ол да үрдүнэн, хаһаайыттар улаханнык аахайбаттара көстөр.
“Дьиэ кыыла балаҕан ыйыттан суолга тахсыыта аҕыйыыр. Дьиҥэ, ыаллар ынахтарын, сылгыларын биир сиргэ туталлара, биир сүбэнэн кооператив тэринэн да диэххэ сөп, мэччитэллэрэ буоллар, арыый да бэрээдэктэнии барыа эбитэ буолуо.
Сылгы, ынах суол сырыытыгар эрэ буолбакка, оҕоҕо кутталаах. Миэрэҕэ тардыллыбыт дьоннор бааллар, үксүн бостууктар ыстырааптаналлар. Ыстыраап төлөбүрэ арааһынай. Ол да үрдүнэн, ынах, сылгы бэйдиэ сылдьыыта тохтообот, күттүөннээх уларыйыы суох”, – диир Айаал Николаевич.
Ленскэй нэһилиэк пресс-сулууспата