Бүргэ-ыҥыыр. Сирэйэ илин бүргэ, кэннэ кэлин бүргэ. Сиһэ – акка сыстар аллараа өттө. Бото – киһи олорор үөһээ өттө. Үксүгэр таба, тайах түүтүнэн симиллэн, тириинэн бүрүллэр.
Хоҥсуоччу – ыҥыыр сирэйигэр көнтөһү, тэһиини атын да кыра сээкэйи иилэргэ аналлаах көхө.
Туруйалар – синньигэс тоһоҕо курдук тимирдэри аҥаардыы өттүлэрин тиэрбэстии төгүрүтэн, ыҥыыр икки систэригэр дьиримнэри, кэлин бүргэ икки өттүгэр төргүү баайар тимирдэр.
Холун – ыҥыыры акка тутар, ат өрөҕөтүнэн эргийэн кэлэн ыҥыырга тардыллар икки эбэтэр үс хаптаҕай кэтит быа. Икки өттүлэригэр тимир бирээскилээхтэр. Урут синньигэс ситиини хатан, ону кэккэлэччи холбуу тигэн оҥороллоро.
Дьирим – холуннар ахсын, холуннары тардарга аналлаах ыҥыыр икки өттүнээҕи систэргэ туруйаларга иҥиннэриллибит хаптаҕай, кэтит тирии быа.
Иҥэһэ – аты миинэргэ, ыҥыырга олорор киһи атахтарын өйүүрүгэр аналлаах икки тимир эбэтэр мас оҥоһуктар. Атахха кэтэрдиллэр төгүрүктүҥү, аллараа өттө үктэллээх, ньолбоҕор ии. Ыҥыырга илин бүргэтин ойоҕосторугар туруйаларга туттарыллыбыт үс муннуктаах тиэрбэстэргэ баайыллар иҥэһэ быата диэн быалардаах.
Буутай – акка ыҥыыр анныгар ууруллар халыҥ, дэхси ньуурдаах тэллийэ. Урут мыксы диэн хаттаҕына да үлтүрүйбэт, ойуурга үүнэр оту, ситиинэн үүйэн, тигэн оҥороллоро. Билигин боолдьоҕунан эбэтэр эргэрбит бааталаах таҥастан оҥостоллор.
Кычым – ыҥыыртан ат икки ойоҕосторугар сылдьар кэтит тирии эбэтэр көмүс оҕуруо оһуордаах (дьахтар киэнэ) таҥас. Чаппараах – ыҥыыртан ат самыытыгар сылдьар эмиэ тирии эбэтэр оһуордаах таҥас.
«Эҥсиэли», ыам ыйын 28 к., 1994 с.