Сылгыга сыһыаннаах тыллар кылгас тылдьыттара

МҮҺЭ – сылгы сотолоруттан ураты, үөһээҥи лаппаакытыгар уонна өттүгүн баһыгар тиксиһэр силиилээх, көҥдөй уҥуохтар. «Сүөһүлэр бары аҕыс адаар мүһэлээх» аатыраллар (харылара, окумаллара, уллуктара).

МЫНДАА – ат арҕаһыттан самыытыгар диэри көхсүн, ыҥыыр олорор сирэ ааттанар. Холобур, «Үөмэн тиийбэт үрдүк мындаалаах».

ОЙ – аты икки өттүнэн салайарга тэһиин уонна муоһа салаалара. Уҥа ой, хаҥас ой.

ОЛУК – ат сүүрдэҕинэ ойбут суолун этэллэр. Холобур, түөрт атахтарынан манна тирэнэн баран, эмиэ түөрт атахтарынан онно баран түһэн тирэммит суоллара. Атыннык эттэххэ, аҕыс туйах суола ат олуга дэнэр. Ат олуга үксүгэр (сүүрүктэр баайыылара ситтэҕинэ) илин, кэлин атахтарын икки ардыларын суоллара уонна ойуутун ардын киэҥнэрэ тэҥ буолар. Илин атахтарын суоллара арыый киэҥ буолар.  Манна таарыччы:  хомуур – ат сүүрэригэр атахтарын ылыылара. Атахтарын түргэнник ылар буоллаҕына, түргэн хомуурдаах дэнэр.

ИЭҺЭР (нэһэрдиир) – оһоллонон эбэтэр ыран охтубут, бэйэтэ кыайан турбат буолбут сылгыны, сүөһүнү өрүү сытарыттан этэ көһүйбэтин, онон чөккүйбэтин диэн хоннохторун, быттыктарын анныларынан кэтит, хаптаҕай быаларынан үөһээ хотон, сарай өһүөлэригэр атахтара сиргэ үктэнэр эрэ гына ыйыыллар. Оччоҕо сүөһү охтубат, сыппат, көҥүл ииктиир-саахтыыр. Онон нэһэрдээн баран үчүгэйдик аһаттахха, уулаттахха сылгы, сүөһү өрүү лигиир сытарынааҕар лаппа түргэнник өрүттэр. Ону тэҥэ, ыран охтубуту күн аайы, күҥҥэ хаста да көтөҕөн туруора сатыыр кыһалҕаттан босхолоноҕун.

ОККУОТ, ТАРААМА. Оккуот – сыарҕаны икки өттүнэн, сыҥаахтарыттан кэлин атахтарын үрдүгэр диэри кынаттыы оҥоһуллар. Иннилэрин сыарҕа сыҥаахтарын тумсуларыгар туттарыллар. Кэннилэрин сыарҕа бүтэһик атахтарын үрдүнэн баттыкка туорай маска сыарҕа кытыытыттан 25-30 см гына туттарыллар. Ойоҕосторун баттыктартан оккуот маска усталарын тухары сыарҕа атахтарын аайыттан быанан эрийиллэр эбэтэр ортотунан биирдии сиринэн утарыта баайыллар. Тараама – сыарҕа кэннигэр көтөл аты холбонорго аналлаах эмиэ оккуокка маарынныыр араама мас. Кээмэйэ: уһуна – 1,5 м, кэтитэ – үөһээ өттө оккуот киэнин саҕа. Аллараа өттүлэрин сыарҕаҕа оккуот кэлин туорайын үрдүнэн, кэнниттэн иккис атахтарга туттарыллар. Үөһээ өттүн уһугуттан тутум холобурдаах аллараанан оккуот туорайын саҕа, ортотунан төһө сөп түбэһэринэн эмиэ туорай мастаныллар. Туорай мастары ньолбоҕор үүт хайаҕастарга угуталыыр табыгастаах. Туорайдар туллан түспэттэрин туһугар анныларынан быанан эбэтэр бороболуоханан харчааҕылаан туттарыллар. Оккуот, тараама мастара олгуобуйа суонун саҕа мастартан оҥоһуллар.

СӨЛГӨМ, ДЬУРАҔАЙ. Сөлгөм – хойутаан көҕүйэр, көлүүгэ кыстаабыт атыыр, сороҕор ырыган да буолан хойутаан көҕүйэр. Ону урут кырдьаҕастар «ээ, көлүүр атыыра баҕайы сөлгөм буолан, оҕолоро ороһу, бытархай буолаллар» дииллэрэ. Дьураҕай – үөрү туппат, аанньа буоһаппат атыыр. Сорохтор бүөттүк атыыры эмиэ дьураҕай атыыр диэччилэр.

СУЛАР – сылгы баһыгар кэтэрдиллэр бүтэй быа. Аллараанан соҕус ат таныыларын үрдүнэн туора хоҥоруулаах. Үөһэнэн, сыҥаах аннынан бааллар синньигэс, имигэс быа – оҕуруолаах. Оттон үүн сулара үөһэнэн, ат чабырҕайынан, кулгааҕын төрдүнэн гына көҕүл баттыырдаах.

СУРГУЙ – ат бааллан туран аһыырыгар, отун тэпсибэтин, көнтөһүн атаҕар укпатын диэн анаан оҥороллор. Суон, быһар төбөтө 22-24 см баҕаналары сиртэн 50-60 см үрдүккэ сиирэ үктэммит уонна онтон 60-70 см үөһэнэн 12-16 см суоннаах сиэрдийэ батар гына үүттэммит баҕаналары сиргэ 70-80 см дириҥник олордон, алларааҥы сиирэ хаһыллыбыт хайаҕаска (эбэтэр сиирэ хаспакка, төһө сөп буоларынан, баҕана икки өттүн сирэйдии суоран, ол сирэйдэригэр иккилии билинтиис мастары баайан) хаптаччы суоруллубут сиэрдийэлэри симиллэр. Үөһээ үүтүгэр эмиэ хаптаҕай сиэрдийэ угуллар. Баҕаналар икки ардылара 2,5-3 миэтэрэ. Онно баҕана икки ардынааҕы үөһээ сиэрдийэҕэ (сулгаах) ат көнтөһүн сүүрэ сылдьар гына киэҥник уктааччылаан баайдахха, ат бэйэтэ баҕана икки ардынааҕы сүнньүөххэ көнтөһүн сүүрдэ сылдьан аһыыр. Отун алларааҥы симии сиэрдийэлэр (долборук) нөҥүө ууран биэрбити ат атаҕынан табыйбат, онон отун тэпсибэт. Сургуйу төһө табылларынан, хас баҕарар сүнньүөх (баҕана икки арда) оҥоруохха сөп.

ТӨРГҮҮ – ыҥыыр кэлин бүргэтигэр эбэтэр сиһигэр баайыллар, кыра таһаҕаһы кэлгийэргэ аналлаах синньигэс, имигэс, бөҕө быа.

ҮӨРҮК – сылгыны астыырга сахалар эмис, уойуулаах буоллаҕына, иһин хайыталларыгар үөрүктүүр этилэр. Ол аата түөһүн тылыттан саҕалаан, сыыйа кэтирэтэн муҥур сүөм кэтиттээҕинэн иһин түгэҕэр диэри, тас тараһалары, ис хаһалары хайытан туспа ылаллара. Ол үөрүк дэнэрэ. Ону тэҥэ, бүтэһик уонна өттүгүн баһынааҕы ылгын таас ойоҕосторун икки ардынан икки илии холобурдаах кэтиттик, үөһэттэн аллараа уһаты сыыйа хайытан ойоҕос арыттаан ылаллара. Ол ойоҕос арыттааһын дэнэрэ.

ҮӨС ТАРДАР – былыргы сахалар сылгыны сүгэнэн сүүскэ охсон өлөрөрү айыыргыыллара. «Аньыы даа! Ама, утары көрөн туран айыы оҕотун сирэйин таһыйан өлөрүллүө дуо?!» – диэн тыллаахтара. Ол иһин үөстээн өлөрөллөрө. Ол аата, сылгыны охторон, кэлгийэ сытыаран, иттэннэри тардан, түөһүн тылынан киһи ытыһа батар гына иһин, өрөһөтүн кытары хайытан илиилэрин уган, сүрэҕиттэн сиһин устун барар көҥдөйү, хаан сүүрэр сүрүн үөһү (аортаны) орто тарбахтарынан быһа тардаллар. Оччоҕо сылгы хаана агдатын иһигэр көҥү түһэр. Сүлэн бүтэрэн, иһин хостоон баран хаанын, дьэ, баһаллара. Ол иһин ол аортаны (сиһин үөһүн) быһа тардыыны үөс тардар, оттон олох көҥдөй аортаны үөс тардара дииллэр. Билигин сорохтор, киһи сонньуйуох, үөс тардара диэн сүөһүнү өрөһөтүн (диафрагма) этин ааттыыллара букатын сыыһа, ити олох атын уорган.

ҮӨЛЭР ЭТ – урут сахалар идэһэ өлөрдөхтөрүнэ оҕоҕо-урууга сэмсэ диэн чохочуну (итир), бүөр сыалаан, сылгы буоллаҕына иһин түгэҕинээҕи муҥха хаһатын, сиһин балык этиттэн үөлэр эти элийэн, быһан биэрэллэрэ. Ол сииргэ сымнаҕас, үчүгэй амтаннаах буолара. Сорохтор үөлэр эт диэн эмиэ өрөһөнү этэллэрэ сыыһа.

Ю. ТИТОВ

«Эҥсиэли», 26.03.1994 с.