Нам сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтата сааскы сынньалаҥ кэмигэр үөрэнээччилэргэ “Внимание! Каникулы!” диэн профилактическай рейдэ оҥорбут.
Үгэскэ кубулуйбут рейдэ кулун тутар 25-30 күннэригэр буолбутун специалист Анна Слепцова этэр.
“Түүҥҥү рейдэҕэ Намнааҕы 1-кы, 2-с, 3-с нүөмэрдээх оскуолаларын, улуустааҕы гимназиятын, Намнааҕы алын кылаас оскуолатын төрөппүттэрэ, педагогтара уонна ОСДН, ЗП чилиэттэрэ кыттыыны ылбыттара. Нэдиэлэ устата барыта 79 киһи үлэлээтэ”, – диир Анна Ильинична.
Кураанахсыйан турар хаарбах дьиэлэргэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор киирбиттэрэ, киирбэтэхтэрэ бэрэбиэркэлэммит. Ону тэҥэ Аммосов, Ленин, Октябрьскай, Аммосова-Цугель аат. уулуссалары көрбүттэр, хойукка диэри үлэлиир маҕаһыыннарга сылдьыбыттар.
Рейдэ түмүгүнэн, оҕолор бэрээдэги кэспиттэрэ бэлиэтэммэтэх.
Харысхан Попов