Кулун тутар 12 күнүгэр СӨ национальнай библиотекатын историческай саалатыгар биллиилээх биир дойдулаахпыт, композитор Захар Порфирьевич Винокуров айар үлэтигэр аналлаах «Үгэс буолбут уонна профессиональнай музыкальнай искусство» Бүтүн Россиятааҕы научнай-практическай конференция буолла. Маны СӨ культураҕа, духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, «Нам улууһа» МТ дьаһалтата, СӨ национальнай библиотеката уонна Саха сирин композитордарын сойууһа кыттыһан тэрийдилэр. Ол да иһин киэҥ ис хоһоонноох, далааһыннаах тэрээһин буолла. Иһитиннэриилэри уопсай үөрэхтээһин, искусство оскуолаларын учууталлара, орто анал, үрдүк үөрэх кыһаларын, Саха сирин культуратын, искусствотын, музыкатын эйгэтигэр үрдүк ааттаах-суоллаах, үтүөлээх үлэһиттэрэ оҥордулар.
«…Под музыку «Долгунча» Захара Винокурова в 1954 г. танцевальный коллектив из Якутии впервые вышел на всесоюзную арену. В 1955 г. жизнеутверждающий своеобразный гимн «Эҕэрдэ ырыата» («Приветственная») на музыку композитора Захара Винокурова впервые завоевал мировую сцену на V Всемирном фестивале молодежи и студентов в Варшаве. Его наследие составляет «Золотой фонд» музыкальной культуры якутского народа! Масштаб личности его деятельности – это не только количественная величина, но и качественная характеристика. Язык музыки понятен всем народам без перевода, не потому ли сегодня в самые торжественные, значимые моменты вжизни народа, звучат произведения Захара Винокурова на престижных сценах профессиональных театров многонациональной России, являясь свидетелем высокого исполнительского мастерства у профессиональных артистов. Наш долг заботиться! Если мы не будем, то к нам придет чужая… История строгий судья она расставляет все на свои места, каждого из нас она будет судить по нашим делам, что мы оставим после себя нашим потомкам,» — диэн эттэ бэйэтин иһитиннэриитигэр СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин народнай худуоһунньуга Анна Зверева.
Конференция үлэтин истэ олорон, чахчы да, саха муусукатын историятыгар чаҕылхай страницаны арыйбыт, саха вокальнай искусствотын классикатын Аан дойду түһүлгэтигэр таһаарбыт, саҥа сүүрээни – саха ырыатыгар киэҥ диапазоннаах мелодияны, аныгылыы чэпчэки соҕус үҥкүүлүү тэтими (ритми) уонна күүрүүлээх, эрчимнээх характеры айбыт, айылҕаттан сүдү талааннаах Захар Винокуров Дьылҕа Хаан ыйааҕынан баара-суоҕа 35 сыл олорон ааспытыттан, элбэҕи ыллыыр-туойар ыра санаата туолбатаҕыттан, айар кутун ситимэ эрдэ быстыбытыттан хараастаҕын.
Конференция кыттыылаахтара СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Индигирскэй 10-тан тахса пууннаах резолюцияны билиһиннэрбитин истэн, эбиилэри киллэрэн, биир санаанан, ылыннылар. Захар Порфирьевич айан хаалларбыт үлэтин, культурнай нэһилиэстибэтин киэҥ араҥаҕа таһааран, дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка тиэрдэр, тарҕатар саҥа соруктар тиһилиннилэр.
Киһи сэҥээриитин «З.П. Винокуровы өлбүтүн кэннэ (посмертно) Саха сирин композитордарын сойууһугар ыларга» киирбит пункт ылар. Билигин кинини араас источниктарга «мелодист», «самодеятельнай композитор», «мелодист-композитор» о.д.а. араастаан суруйуу баара көстөр. Онон киһи дьиҥ талаанынан, норуокка сөбүлэтэр ырыаларынан сыаналанар кэмэ кэлбитин туоһулаан, бу пункт олоххо киирэригэр бүк эрэнэҕин. Бэлиэтээһиммин саха народнай поэта Савва Тарасов кини туһунан «Сүрэхтэн сүппэт ырыалар» ахтыытыгар эппитинэн түмүктүүбүн:
«…Захар Порфирьевич Винокуров дьиҥҥээх сахалыы куттаах, улахан национальнай композитор дии саныыбын. Хомолтото диэн, мѳлтѳх доруобуйалаах буолан, консерваторияҕа үѳрэнэрин 3-с курстан тохтоппута. Ону үрдүттэн сыаналаатахха, анал үрдүк композиторскай үѳрэҕэ суох курдук кѳстѳр. Ол гынан баран, талаан хаһан да дипломунан кээмэйдэммэт. Холобура, Захар Винокуров кылгас олоҕор айан хаалларбыт дьиҥ сахалыы тыыннаах, дууһаны долгутар ырыаларын курдук ырыалары баҕар, үс үрдүк үѳрэхтээх да буоллун, киһи эрэ кыайан айбата буолуо. Ону бу кинигэҕэ киирбит ахтыылар, кини айбыт айымньылара туоһулуохтара дии саныыбын…»
Касьян Олесов-Олук