Сыыдам сырыылаах Нам таксистара Суоппар күнүн ыллылар

Суоппардар күннэрэ чугаһаабытынан, такси сулууспатын суоппардарыгар Намнааҕы «Общественник дьиэтигэр»
тэрээһин буолан ааста.

«Бизнес-Инкубатор» көҕүлээһининэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ 18 таксист корнхол уонна дартс көрүҥнэригэр күрэхтэспитин Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалта иһинэн үлэлиир «Лидер» түмсүү директора Иван Яковлев этэр.

Тэрээһин кыттыылаахтарыгар улуус баһылыга Юрий Слепцов, Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков, «Мой Бизнес» сэбиэдиссэйэ Марфа Тарабукина эҕэрдэ тыллары эппиттэр уонна улуус баһылыгыттан наҕараада туппуттар. Ону тэҥэ, П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аат. Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ Владимир Сыромятников алгыс эппит, Сандр Находкин ырыа бэлэх ууммут.

Иккилии киһилээх барыта 9 хамаанда «Хомустаахтар», «Озернай», «Партизан», «Аксакал», «Тыал», «Хотой» күрэхтэспититтэн кронхолдка 1, дартска 4 миэстэлэргэ тахсыбыт Николай Гоголев, Гаврил Слепцов «Дыгын» хамаандата кыайыылаах буолбут. Кронхолдка 6, дартска 2 көрдөрүүнү көрдөрбүт Николай Колосов, Дмитрий Никитин «Драйв» хамаандата иккис миэстэҕэ тахсыбыт. Үһүскэ кронхолдка 6, дартска кыайбыт Леонид Обутов, Петр Новгородов «Леня» хамаанда бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тахсан турбут.

Кыайыылаахтар «Лидер» түмсүүттэн мэтээл , грамота туппуттар.

«Күрэхтэһиигэ кыттыыны ылбыт таксистар сэрэбиэй быһыытынан хамаандаларга арахсыбыттара. Суоппардар аны кыбаартал аайы күрэхтэһии тэрийэргэ биир сүбэҕэ кэллилэр«, — диир Иван Яковлев.

Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников:

Дойду үрдүнэн “Автомобильнай транспорт үлэһиттэрин күнүн” бэлиэтиирбит чугаһаата. Транспорт үлэһиттэрин профессиональнай бырааһынньыктара – суоппар идэтигэр үөрэнэн үгүс өҥөнү оҥорооччулары ааттыыбыт.

Дьыл-хонук ааһан, үөрүйэхтэрин, сатабылларын хаҥатыммыт үгүс айаны айаннаабыт, сырыыны сылдьыбыт бэриниилээхтик үлэлиир суоппардары Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин!

Харысхан ПОПОВ