Николай Семенович Сахатын сирин социальнай-экономическай кыаҕа бөҕөргүүрүн, төрөөбүт норуотун олоҕо-дьаһаҕа, культурата сайдарын туһугар олоҕун бүтүннүүтүн анаабыта, бар дьон үтүө өйдөбүлүгэр умнуллубаттык хаалар курдук айымньылаахтык, дириҥ хорутуулаахтык үлэлээбитэ. Нам улуустааҕы гимназията Н.С. Охлопков аатын сүгэр. Гимназия коллективын көрдөһүүтүнэн, улуус общественноһын өйөбүлүнэн СР правительствотын 1999 с. муус устар 22 к. уурааҕынан гимназияҕа кини аата иҥэриллибитэ. 1994 с. муус устар 7 к. СР үөрэҕириитин министрин бирикээһинэн улуустааҕы гимназия аһыллыбыта. Республика бастакы Президенэ М.Е. Николаев 1997 с. кулун тутар 3 к. Ыйааҕынан гимназия Президент оскуолаларын ситимигэр киллэриллибитэ.
1950 с. Коля Охлопков Нам орто оскуолатын 10-с кылааһын бүтэрэн С.М. Киров аатынан Ленинградтааҕы лесотехническэй академияҕа үөрэнэ киирбитэ. 1955 с. үөрэҕин бүтэрэн кэлээтин Өлүөхүмэ леспромхоһугар маастарынан ананан үлэтин саҕалаабыта. Өлүөхүмэ леспромхоһун салайыыга кыаҕын, дьоҕурун көрдөрбүт Николай Семенович 1960 с. партия обкомун промышленноска отделыгар үлэҕэ ыҥырыллыбыта.
1965 с. партия уобаластааҕы комитета Н.С. Охлопковы СР правительствотын председателин тутууга солбуйааччынан анаабыта. 1975 сылтан тутууга улахан суолта бэриллэн Николай Семенович правительство председателин 1 солбуйааччытынан өрө таһаарыллыбыта. Мантан ыла саҕаламмыта, номоххо этиллэринэн, уол оҕо уйана-хатана биллэр, күнү-түүнү, дьылы-кэми аахсыбат, республика иһинэн эрэ буолбакка Союз үрдүкү салайааччыларын, омук дойдуларын үрдүк сололоохторун кытта аалсыһар 23 сыллаах үрдүк эппиэтинэстээх, түбүктээх үлэтэ-хамнаһа.
Тутуу индустрията
Тутуу индустриятын олохтооһун Николай Семенович аатын кытта быһаччы сибээстээх. Тыа сиригэр тутуу сайдыытыгар үлэлээбит салайааччылартан Николай Семеновичка тэҥнээх суоҕа. Тутуу программатын олоххо киллэриигэ көҕүлээччинэн уонна тэрийээччинэн кини буолбута. Тыа сирин нэһилиэнньэтин олорор, үлэлиир усулуобуйатын тупсарыы туһугар үлэлээһини бэйэтин патриотическай иэһинэн ааҕара. 60-с сыллартан нэһилиэктэр, колхозтар тутуу площадкатыгар кубулуйбуттара. Элбэх үлэ барбыта, сүүһүнэн оскуолалар, балыыһалар, культура дьиэлэрэ, спортивнай саалалар, библиотекалар, мөлүйүөнүнэн квадратнай метр үлэһит дьон олорор дьиэлэрэ Николай Семенович үлэлээбит сылларыгар тутуллубуттара.
Дьокуускай куорат
Николай Семенович быһаччы кыттыытынан 1980-1985 сс. Дьокуускай куораты сайыннарыы туһунан ССРС Министрдэрин Советын Уураҕын бырайыага бэлэмнэнэн, 1979 с. алтынньыга правительствонан бигэргэтиллэн, А.Н. Косыгинынан илии баттаммыта. 60-с сыллартан куораппытыгар тутуу сөҕүмэр кэҥээбитэ, куоракка гаас кэлбитэ, ГРЭС тутуллубута, аэропорт саҥардыллыбыта, олорор дьиэлэр, культурнай, спортивнай кииннэр үксээбиттэрэ, производство тэрилтэлэрин базалара тупсарыллыбыта. Николай Семенович быһаччы хонтуруолунан Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан, Бүлүү, Покровскай куораттар, оройуоннар кииннэрэ уунан хааччыллар системалара тутуллубуттара. Дьокуускай куорат итии уунан хааччыллыытын, канализациятын боппуруостара быһаарыллыбыттара. Саха сирин ханнык да оройуонун хайа да бөһүөлэгэр, нэһилиэгэр тиийбит иһин Николай Семенович туттарбыт, кини кыһамньытын ууран көмөлөспүт тутуута баара чахчы. Министрдэр Советтарын Председателин бастакы солбуйааччыта буоларынан Николай Семенович республикаҕа тутуу индустриятын тэрийии, сайыннарыы, бөдөҥ тутуулары салайыы, хонтуруоллааһын тэҥинэн республика бары тэрилтэлэрин материальнай-техническэй хааччыйыы, олохтоох промышленность, коммунальнай хаһаайыстыба, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы министерстволарын, управлениеларын, энергетика, автотранспорт тэрилтэлэрин куратордыыра. Кини үлэлиир сылларыгар бу ааттаммыт норуот хаһаайыстыбатын салаалара өрө көтөҕүллүү суолунан сайдан испиттэрэ. Николай Семенович кабинетнай үлэһит буолбатах этэ. Кини оройуоннарга эмиэ элбэхтик сылдьара, тыа дьонугар биллэр-көстөр көмөнү оҥороро. Куораттан үлэни-хамнаһы билэр, боппуруоһу быһаарар салаа үлэһиттэрин илдьэ тахсан күннэри-түүннэри үлэлээн бары боппуруостары быһааран киирэрэ. Миэстэҕэ ситэ быһаарыллыбатах боппуруостарга оройуон туһааннаах салайааччыларын илдьэ киирэн министерство, ведомство салайааччыларын мунньан сирэй көрсүһүннэрэ олорон быһаарсар буолара. Николай Семенович актыыбынай кыттыытынан 70-с сылларга «Водоканал», «Коммунэнерго», «Межрайгаз» трест саҥалыы тэриллэн бөдөҥ холбоһуктарга тиийэ сайдыбыттара, куораттарга, оройуоннарга салаа тэрилтэлэрэ үөскэтиллибиттэрэ.
Гаас кэлиитэ
1968 с. 410 км усталаах Таас Тумус — Дьокуускай — Бэстээх газопроводын тутуута бүппүтэ. Онтон Дьокуускай куорат 1967 с. Улуу Өктөөп 50 сылын туолуутун көрсө күөх оттугу ылбыта. Гаас турбатын ирбэт тоҥҥо баччалаах уһун ыраахха тардыы аан дойду практикатыгар бастакы холобурунан буолбута, Таас Тумус — Дьокуускай газопроводын тардыытын үлэтэ 4 сыл устата салҕанан барбыта. Бу киэҥ кэскиллээх үлэ барыытыгар республика тутууларын салалтатын илиитигэр ылан олорор правительство баһылыгын бастакы солбуйааччы Н.С. Охлопков салайар, тэрийэр, хонтуруоллуур оруола биир быһаарар суолтаны ылбыта. Тыа сирин оройуоннарыттан биир бастакынан гааһы 1979 с. Нам оройуона ылбыта. Н.С. Охлопков быһаччы өйөбүлүнэн, көмөтүнэн 60 км усталаах гаас турбатын утаҕа тардыллан Нам селотугар аһыллыбыта. Нам оройуонугар гаас киириитин, кэҥээн иһэр боппуруоһун Николай Семенович хонтуруолугар тутара, маныаха үп-харчы туруорсуутугар көмө-тирэх буолара. Николай Семенович көмөтүнэн, хонтуруолунан олоххо киллэриллибит гаас хаһаайыстыбатын тутуулара Дьокуускайга, Бүлүүгэ, Покровскайга, Мохсоҕоллооххо, Намҥа, Кэбээйигэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, киин улуустарга нэһилиэнньэ олоҕун илгэтин чэпчэтэн үлэлии тураллар.
ГРЭС
Гаас кэлиитинэн республика салалтатын иннигэр бастатан Дьокуускай к. нэһилиэнньэтин үгүс ахсааннаах тэрилтэлэрин уонна чугастааҕы оройуоннары эрэллээх, дэлэччи электроэнергиянан хааччыйар сорук турбута. Бу ураты суолталаах сорук Николай Семенович кыттыытынан Дьокуускайдааҕы ГРЭС тутуллуутунан быһаарыллыбыта. 1970 с. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө «Вилюйгэсстрой» тутааччылара ГРЭС бастакы агрегатын үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Онтон ыла Нам оройуона эмиэ эрэллээх государственнай электросетькэ холбоммута. Бу иннинэ улуус киинэ уонна нэһилиэктэр дизельнэй оттугунан үлэлиир кыра күүстээх станцияларынан олорбуттара.
БАМ
70-с сыллар саҕаланыытыгар тимир суол Байкал-Амур магистралын (БАМ) тутуута саҕаламмыта. Бүтүн советскай дойду бүттүүнэ кыттыбыт уонна киэн туттуутунан буолбут үйэ улуу тутуутугар Саха сирэ бэйэтин кылаатын киллэрсибитинэн барбыта. Саха сирин правительствотын аатыттан правительство председателин тутууга солбуйааччы Н.С. Охлопков бэйэтин салайар, тэрийэр дьоҕурун көрдөрбүтэ. 1976 с. сэтинньи 3 к. 113 км усталаах тимир суол Тында-Беркакит линиятыгар Амурскай уобалас уонна Саха АССР кыраныыссатыгар Саха сирин территориятыгар бастакы кыһыл көмүс звено ууруллубута. Онтон сылы кыайбат бириэмэнэн 1977 с. алтынньы 29 к. Саха сиригэр Беркакикка бастакы поезд кэлбитэ. Тимир суол тутуута үрдүк хайалаах сирдэринэн ураты усулуобуйаҕа ыытыллыбыта, үгүс муосталар тутуллубуттара, 1270 м усталаах хайа сымара тааһын дьөлө үүттээн туннель тутуллубута. Аан дойдуга хатыламматах маннык уустук усулуобуйаҕа тимир суол тутуутун тэрээһин, инженернэй быһаарыы боппуруостарыгар Николай Семенович быһаччы кыттыыны ылбыта.
Бүлүүтээҕи ГЭС
1967 с. Октябрьскай революция 50 сылын туолуутугар Бүлүүтээҕи ГЭС бастакы агрегата үлэҕэ киллэриллэн алмаас промышленноһын электроэнергиятын хааччыйбыта. Республика олоҕор уһулуччу суолталаммыт бу түгэн Николай Семенович тутуу боппуруостарыгар Министрдэр Советтарын Председателин солбуйааччынан үлэлиэҕиттэн иккис сылыгар буолбута. Кэлин сылларга Бүлүүтээҕи ГЭС иккис-үһүс уочараттарын тутуулара бүтэриллэн кэҥээн иһэр алмаас промышленноһа чэпчэки сыаналаах электроэнергиянан толору хааччыллар буолбутун таһынан тыа сирин улуустара туһанар кыахха киирдилэр. Ол сылларга кинини кытта үлэлээбит дьоннор ахтыыларыгар гидростанция тутуутун боппуруостарынан, уопсайынан, алмаас промышленноһын сайдыытынан Николай Семенович правительство аатыттан элбэхтик дьарыктаммытын, маныаха кини биллэр үтүөлээҕин суруйаллар.
Нерюнгри
Н.С. Охлопков Нерюнгри куораты тутууга улахан кылаатын киллэрсибитэ. Куорат, Нерюнгритааҕы ГРЭС, чох комплексын, Тында-Беркакит тимир суол линиятын тутууларын олоххо киллэриини былааннаспыта. 1974 с. Тында-Беркакит тимир суолун тутуутун сакаастаһа КНДР делегациятын кытта кэпсэтиигэ Саха сирин правительствотын аатыттан Николай Семенович сылдьыбыта, кэпсэтии Москваҕа салҕанан барбыта, түмүгэр сөбүлэһии оҥоһуллубатаҕа. Саха сирин уонна Амур уобалаһын кыраныыссаларыгар тимир суолу тутааччылар чиэстэригэр сэргэ тутуу туһунан мунньаҕы Николай Семенович Министрдэр Советтарыгар ыыппыта. 1976 с. сэтинньи 2 к. Саха сиригэр бастакы поезд кэлиитин чиэһигэр буолбут элбэх киһилээх үөрүүлээх миитини саха правительствотын аатыттан Н.С. Охлопков салайан ыыппыта. Миитиҥҥэ тутааччылары эҕэрдэлээн партия обкомун бастакы секретара Г.И. Чиряев тыл эппитэ. 1978 с. кулун тутарга Нерюнгри куорат Советын сессиятыгар куорат генеральнай былаана соҕуруу Саха сиринээҕи чох комплексын тутуулара дьүүллэһиллибиттэрэ, сессия үлэтигэр боппуруоһу дьүүллэһиигэ Николай Семенович кыттыыны ылбыта. 1979 с. тохсунньуга Дьокуускайга Н.С. Охлопков салалтатынан Нерюнгри куорат генеральнай былаанын олоххо киллэриигэ киэҥ ыґырыылаах мунньах ыытыллыбыта. 1980 с. муус устарга Николай Семенович Нерюнгри куоракка олорор дьиэлэри, социальнай-базовай объектары, Золотинкаҕа оскуола-интернаты тутуу, Нерюнгри куораты оҕуруот аһынан хааччыйыы боппуруостарын быһаарсыбыта.
Н.С. Охлопков уонна Нам оройуона
Билигин ааспыты санаан көрдөххө оройуоммутугар 1965-90 сс. тутуу үлэтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыт эбит. Бу сылларга Николай Семенович республика тутуутун салайбыт кэмнэрин кытта дьүөрэлэспиттэр. Ол эрэн сорох бөдөҥ салайааччылар курдук төрөөбүт оройуонун атыттартан уһулуччу тутарын туһунан үрдүкү да салалтаҕа, нэһилиэнньэҕэ да ким да эппэт этэ. Оннук өйдөбүл букатын суоҕа. Архыып матырыйаалларыттан көрдөххө бары оройуоннар социальнай олохторун кэскиллэригэр тутатына кыһалҕаларыгар биир тэҥник сыһыаннаһара көстөр. Нам оройуонун бөдөҥ да, кыра да тутуулара барыыларын бастайааннай болҕомтоҕо, хонтуруолга тутара, ыытар мунньахтарыгар туһааннаах салайааччылартан оҥорбут ыйытыга баар докумуоннартан көстөр. Улуус киинигэр маҥнайгы таас оскуолаттан ураты бары таас тутуулар (ол иһигэр Сельхозтехника производственнай тутуулара уонна олорор дьиэлэрэ, балыыһа корпуһа, аптека, почта, гранильнай собуот, 1 N-дээх оскуола, улуус дьаһалтатын, остолобуой дьиэлэрэ) Николай Семенович былааҥҥа киллэриитинэн, кини хонтуруолунан ыытыллыбыттара. Оройуон совхозтарыгар, колхозтарыгар тутуллубут толору механизациялаах бөдөҥ сүөһү комплекстара, уопсай дьиэлэр, гаражтар, тыһыынчанан гектардаах нүөлсүтэр системалар, бары сайылыктар кутуу суоллара, электролиниялара, үлэһиттэр олорор уопсай дьиэлэрэ, Көбөкөн, Түбэ, Аппааны, 1 Хомустаах оскуолалара, балар тутуу матырыйаалынан хааччыллыылара, тутуутун барыылара Николай Семенович кэтээн көрүүлэринэн оҥоһуллубуттара. Харалла сытар докумуоннартан көстөрүнэн төрөөбүт улууһугар эрэ буолбакка бары куораттар, промышленнай тэрилтэлэр, оройуоннар тутууларынан көмөнү оҥоро, ахсаабат хонтуруолга тута сылдьыбыт. Быһаарыылаах, түмүктээһиннээх түгэннэргэ республика бары тутууну ыытар тэрилтэлэрин салайааччыларын (ол иһигэр оройуоннарын) ыҥыран мунньах, ыйытыы оҥорор, сыал-сорук, болдьох туруортуур эбит.
Ил Түмэн депутата И.Д. Черов суруйарынан «хас биирдии киһи олоххо суолун араастаан хаалларар. Дойдутун, норуотун туһугар оччолооҕу оҥорботох да сорох дьоннор хаһыатынан, радионан, телевидениенэн бэйэлэрин арбаналлар, оннооҕор кинигэ таһаарбыта буолаллар. Онтон бэйэлэрин харыстаммат үлэлэринэн республика экономиката сайдарын туһугар сүҥкэн кылааты киллэрбит, биллибэккэ-көстүбэккэ хаалар категория дьонноро эмиэ бааллара, ол кинилэр айылҕаттан сэмэйдэриттэн, биллэ-көстө сатаабаттарыттан, судургуларыттан буолара. Биллиилээх государственнай деятеллэртэн биир оннугунан Николай Семенович Охлопков буолара». Н.С. Охлопков республика правительствотын председателин солбуйааччытынан уонна бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит сыллара саха норуотун историятын биир уһулуччулаах государственнай деятелэ Г.И. Чиряев ССКП обкомун бастакы секретарынан үлэлээбит сылларын кытта толору дьүөрэлэһэллэр.
Кадрдарга үрдүк көрдөбүллээх Гавриил Иосифович республика инники кэскилин быһаарар тутуу боппуруостарын үлэлиирин 17 сылын устатыгар Николай Семеновичка итэҕэйэн, киниттэн атын бу уустук соруктары быһаарар атын сөптөөх кадр суоҕунан аахпыт. Алмаастаах, гаастаах, нефтээх, хорҕолдьуннаах, көмүстээх, чохтоох Саха сиринээҕи Арҕааҥы, Илиҥҥи, Соҕурууҥҥу территориальнай производственнай комплекстары тэрийэн үлэлэтэн, Саха сирин барҕа баайын норуот туһатыгар таһаарыыга коммунистическай партия, советскай правительство туруорбут баараҕай соруктарын Сахатын сиригэр олоххо киллэриигэ быһаччы тэрийэр, салайар үлэнэн Николай Семенович Охлопков 20-тэн тахса сыл быһаччы дьарыктаммыта. Маныаха республика куораттарыгар, улуустарыгар ыытыллыбыт хас эмэ сүүһүнэн ахсааннаах промышленнай тэрилтэлэр, социальнай объектар тутууларын эбэн кэбиһиэххэ.
Нам сириттэн Н.С. Охлопков курдук олоҕун бүтүннүүтүн норуотун туһугар анаабыт, тутуспут, уһун үйэлээх баараҕай тутууларын бэйэтин туһунан сүппэт-өспөт өйдөбүнньүк хаалларан барбыт биллиилээх государственнай, общественнай деятель үтүө аата төрөөбүт норуотугар умнуллуон сатаммат. Николай Семенович ССКП обкомун, райкомун чилиэнинэн хас да төгүл, Саха АССР 7, 8, 9-с уонна 11-с ыҥырыылаах Үрдүкү Советын депутатынан быыбардаммыта. Республика социальнай-экономическай олоҕун сайдыытыгар үгүс сыллардаах үтүө суобастаах үлэтин иһин Николай Семенович Охлопков иккитэ «Бочуот Знага», «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьаннарынан, ССРС үгүс мэтээллэринэн, РСФСР уонна Саха АССР Үрдүкү Советтарын Президиумнарын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, «Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах аат, союзнай суолталаах персональнай пенсионер, Дьокуускай куорат, Нам оройуонун Бочуоттаах гражданина ааттар иҥэриллибиттэрэ.
М.Г. Аргунова,
Нам улуустааҕы гимназиятын пресс-киинин салайааччыта.
(«Эҥсиэли» №№37-38-39, 40-41, кулун тутар 28, муус устар 1 күннэрэ, 2009 с.)