Бу дьыл бэс ыйын 26 күнүгэр киэһэ 18:00 ч. саҕана «Regulmoto-200» матасыыкыл 38 саастаах ыытааччыта Нам с. Чернышевскай уулуссатынан Аппааны диэки айаннаан иһэн, суол утары балаһатыгар тахсан биэрэн, «Тойота-Ипсум» массыынаны кытары харсыста. Бу туһунан Намнааҕы госавтоинспекция иһитиннэрдэ.
Суол саахалын түмүгэр матасыыкыл ыытааччыта төбөтүгэр эчэйиини ылан, Намнааҕы киин балыыһаҕа киирэн баран, эппиэтинэстэн куотунан бу сарсыарда балыыһаттан көҥүлэ суох тахсан барда. Оттон киниэхэ олорсон испит 34 саастаах киһитэ төбөтүгэр, сирэйигэр, этигэр-сиинигэр араас эчэйиилэри ылан, стационарга эмтэниигэ ыытылынна.
Массыына суоппара эчэйиини ылбатах, суол саахалын кэмигэр курун иилинэн олорбут. Кини «В», «В1» категориялаах массыына ыытар дастабырыанньалааҕа, оттон матассыыкыл ыытааччыта бырааба суоҕа биллибит.
Бу дьыала матырыйааллара Нам улуустааҕы ис дьыала уорганын силиэстийэлиир отделыгар бэриллибит, маныаха сотрудниктар суол саахала тахсыбыт төрүөтүн быһаарыахтара.
ГАИ инспектордара, отчуоттуур кэм устатыгар, суол быраабылатын кэһии иһин 35 матасыыкылы туппуттар.
Госавтоинспекция санатар!
Матасыыкыл ыытарга «А» категориялаах дастабырыанньа булгуччу ирдэнэр. Дастабырыанньата суох түгэҥҥэ, РФ КоАП 1ч. 12.7 ыст. олоҕуран, 5 000-тан 15 000 солк. диэри ыстарааптыыр миэрэ туттуллар. Оттон матасыыкыл хаһаайыныгар бырааба суох эбэтэр бырааба быһыллыбыт киһиэхэ техникатын биэрбитин иһин, РФ КоАП 3 ч. 12.7 ыст. олоҕуран 30 тыһ. солк. тиийэ административнай ыстараап көрүллэр. Матасыыкылы ыытааччы мотошлемын бааммакка эрэ айанныыра көҥүллэммэт.
«Эҥсиэли» хаһыат