Бүгүн Хатырык нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр бэлиэ күн тосхойдо! Уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Хатырык нэһилиэгин күнүн бэлиэтиир дьоро күн буолла.
М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар күнүс 14:00 чаастан ыалдьыттары көрсөр сиэр-туом оҥоһулунна, Айыыларга сүгүрүйэн Лоҥхо Өлөксөй алгыстаата, дьон үмүөрүһэ мустаннар, чөмөхтөһө биэрэннэр илиилэртэн сиэттиһэн Лоҥхо Сыдьаайа Хатыыс Кыыһа этэринэн оһуокайдаан дайдылар.
Дьэ, ол кэнниттэн “Хатырык уустара” быыстапкаҕа Тамара, Валентин Васильевтар туос үлэлэринэн, кыргыттара Мария Степанова фанеранан быһан үлэлэрэ, София Васильева полистирол оҥоһуктара турдулар. Хатырык «Кырадыһын» иис түмсүү уопсай үлэлэрэ дьон хараҕын тарта.
«Бу мантан, Намтан, Хатырык сириттэн… » — диэн ааттаах М. К. Аммосовка аналлаах быыстапка турда, манна ааспыт үйэ хаартыскалара, кинигэлэрэ бааллар.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар Елена Охлопкова, Ульяна Антонова, Ольга Петрова, Мария Соловьева, Мария Заровняева буолан атыылара хамаҕатык барда. Манна баар күөл эмис сордоҥо, моонньоҕон барыанньата, ынах иһэ, мүөт, сакалааттан нобуор, сибиэһэй сүөгэй, суорат уонна да атын ас дэлэй. Кэлбит ыалдьыттарга Дыбарыас киирии фойетыгар остуол тардан үүттээх итии чэйинэн, арыылаах алаадьынан көрүстүлэр.
Киэһэ «Таптыыр сирим Хатырык» диэн нэһилиэк талааннаах дьонун-сэргэтин, ансаамбылларын күүһүнэн сэргэх кэнсиэр ыытыллар.
Нам улууһун былыр былыргыттан биир саамай тутаах нэһилиэгинэн М.К. Аммосов төрөөбүт төрүт түөлбэтэ — Хатырык буолар. Бу — баай барыылаах, байанай тардыылаах, сирэ-уота өлгөм үүнүү толооннордоох, үлэни өрө туппут, үйэттэн-үйэҕэ бэриллэр дьикти суоллаах-иистээх, киэҥ историялаах нэһилиэк.
Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спорда, Хатырык нэһилиэгэр Ыччат сылынан биллэриллибитэ. Бу түөрт салааны бииргэ тутан быйылгы сылга киэҥ далааһыннаахтык үлэлииллэрин “Хатырык нэһилиэгэ” МТ баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Артур Ноговицын тириэртэ.
“Таптыыр сирим Хатырык” күүтүүлэх киэһээҥҥи чааһа тирээн кэллэ. Саала иһэ толору дьон мустан хатырыктар оонньуур-көрүлүүр, ыллыыр-туойар дьоҕурдарын көрөөрү ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубуттар. Нэһилиэк күнүгэр ыҥырыылаах дьоһун ыалдьыттара: Саха республикатын Ил Дарханын уонна бырабыытылстыба дьаһалтатын бэйэни салайыныы департаменын салайааччыта Иван Попов, “Нам улууһа” МТ баһылык эбээһинэһин толорооччу Анатолий Павлов, Нам улууһун депутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров тус бэйэлэрин эҕэрдэлэрин уонна Хатырык нэһилиэгэ үүнэ-сайда турарын баҕардылар.
Бу дойдуга урукку да кэмнэргэ ылбаҕай ырыаны ыллаабыт, өрө-тэбэ үҥкүүлээбит, бэйэлэрин истэригэр дьоҕурдаах дьон элбэхтэр. Ол курдук, “Уйгууна” үҥкүү ансаамбыла, “Махсыым уолаттара” ырыа ансамбыла, “Уолан” эр дьон ырыа ансаамбыла, “Арчыына” фольклорнай бөлөх , “Арылы” ырыа ансаамбыла уонна биирдиилээн ыллыыр-туойар талааннаах дьоннор ыллаатылар.
Хатырык нэһилиэгэ айар-тутар талааннаах элбэх дьиэ кэргэнинэн биллэр. Ол курдук тарбахтарыгар талааннаах Слепцовтар дьиэ кэргэн, ыллам ырыалаах Заровняевтар, Корякиннар, Петровтар уо.д.а.
Киһи төрөөбүт дойдутунан, омугун чулуу дьонунан киэн туттар, бэйэтэ эмиэ оннук чыпчаалларга талаһар буоллаҕына кэлэр кэмэ кэскиллэх, сарсыҥҥыта сырдык буолар. Ол чыпчаалга дьулуһан киһи үөрэнэр, үөрэнэн ылбыт билиитин туһанан үлэлиир-хамсыыр, дьонугар-сэргэтигэр туох эрэ туһалааҕы оҥорор, айар-тутар.
Лена Корякина