Төрөөбүт төрүт тыл — биһиги тирэхпит…

Алтынньы 27 күнүгэр Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Кыһыл Дэриэбинэ бөһүөлэгэр толору хааччыллыылаах, киэҥ-куоҥ, сырдык, ыраас «Мичээр» уһуйааҥҥа улуус уһуйааннарын иитээччилэригэр анаан семинар буолан ааста.
Семинары дошкольнай отдел сүрүннүүр специалиһа Н.Н. Маркова арыйда. Бу бары өттүнэн туһалаах семинар ситиһиилээхтик ааһарыгар бэйэтин баҕа санаатын тиэртэ.

Олус туһалаах семинары Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, «Методист Якутии» анал бэлиэ хаһаайката, «Дорҕоон үөрэҕэ» кинигэ ааптара Т.А. Скрябина ыытта. Оҕону чуолкайдык саҥарарга, холбоон ааҕарга уонна грамотаҕа үөрэтэр баай уопутуттан, киэҥ билиититтэн үллэһиннэ. Иитээччилэр үгүс ыйытыктарыгар дириҥ ис хоһоонноох хоруйдары биэрдэ. Араас ньымалары, үөрүйэхтэри туттан оҕолору судургу өйдөбүлүнэн, атыннык эттэххэ, олоххо баар туттар малынан-салынан, көрдөрөр босуобуйаларынан, тиис-уос, тыл хамсаныыларын, оонньууларын, дорҕооннорун туһанан оҕону хайа баҕарар судургутук сөпкө саҥарарга үөрэтиэххэ сөбүн хас биирдии иитээччигэ тиийимтиэтик сиһилии үөрэттэ, кэпсээтэ, үүнэр көлүөнэни иитиигэ үтүө сүбэлэри биэрдэ.

Бу олус наадалаах, билиҥҥи кэм уларыйбыт үөрэхтээһин хайысхатыгар толору эппиэттиир семинарга улууспут 17 уһуйааныттан барыта 29 иитээччи кэлэн, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатынан, үөрэтии араас ньымаларын тутуһан оҕону кылгас кэм иһигэр дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтиэххэ сөбүн биллилэр, иҥэриннилэр. Татьяна Артамоновна хас биирдии уһуйаан иитээччитигэр анал үөрэхтээһини ааспытын туһунан «Туоһу сурук» туттарда.

Иитээччи, оҕо, төрөппүт бары бииргэ үлэлэрэ эрэ таһаарыылаах буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон эттэ. «Төрөөбүт төрүт тылбыт — биһиги тирэхпит!» — диэн тылларынан семинар кыттыылаахтара иитии-үөрэтии үлэтигэр ситиһии кэлэригэр инникигэ эрэллээх тарҕастылар.

З.Нератова-Тупсууна,
Никольскай нэһилиэк, «Веснянка» оҕо уһуйаанын иитээччитэ