Тиэрэ түспүт ый таҕыста

Быйыл олунньу ыйбыт дьон-сэргэ уйулҕатын хамсаппакка, олус холкутук, биир кэм туран бүттэ. Тыалырбакка, ыраас халлааҥҥа күн сандаарыччы тыган, кулун тутар 11 күнүгэр диэри турда. Ортотунан түүнүн -45, күнүһүн -40-41 кыраадыс тымныы туран баран, 20 чыыһыла кэнниттэн сылыйарга баран -31-28 буолан, кэлбит ыйы көрүстэ.

Саҥа ыйбыт 11 киэһэ көһүннэ. Балайда тиэрэ түспүт, тыал-хаар буолардыы таҕыста. Этэргэ дылы, кубулҕатырарын санатардыы. Тыал-хаар, буркуннаах күннэр буоллахтарына, биэлэрбит төрүөх биэриэхтэрэ турдаҕа. Ол эрэн, хаар элбиир чинчитэ суохха дылы. Былыт уһаабакка, халлаан оройуттан халла турар, кэлэ-бара устаҥныыр.

Ааспыт сыл, балайда, хотуттан тыаллаах, буурҕалардаах, тибиилэрдээх кулун тутар ааспыт. 9 күн күүстээх тыал, 20 күн хотуттан, арҕааттан тыалырбыт, 9 күн хаардаабыт. 6 чыыһылаҕа таммахтаабыт, -12, түннүккэ -15 кыраадыс буолбут. 5 чыыһылаҕа маска хаар ууллан чаалыйбыт. 3 чыыһылаҕа Ленскэйгэ этиҥнэммит, курулаччы ардахтаабыт. Ол кэннэ кулун тутар 23-гэр диэри тымныйан, тыалыран, ортотунан -28, күнүһүн -20 туран баран, 24 чыыһылаттан сылыйарга барбыт. 30 чыыһылаҕа туллуктар кэлбиттэр. Өлүөхүмэҕэ этиҥ, чаҕылҕан, ардах буолбут. 31-гэ Тааттаҕа соҕотох хопто кэлбит.

Манна кулун тутар 12 күнүттэн, былытыран саҕалаата. Сарсыарда -33, түннүккэ -36, күнүс -11, -15, киэһээ -17, -20. Бэҕэһээ, 13 чыыһылаҕа, сарсыарда  -19, -24 буолла. Араҕас түөстээх чыычаах кэлэн ырыа-тойук түһэрэ көтөр. Суолу-ииһи наһаа тибэн дьону эрэйдээбэккэ бу ыйбыт ааһара буоллар…

Татьяна Никольская