Тиэргэним — киэн туттуум

Нам сэлиэнньэтин “Нэлэгэр” түөлбэ көхтөөх олохтооҕо Маргарита Чеснокова көҕүлээһининэн, атырдьах ыйыгар олохтоохторго “Мой двор – моя гордость” диэн конкурс тэриллибит.

Кэнники сылларга “Нэлэгэр” түөлбэ олус түмсүүлээх буолбута бигэргэнэр. Ол курдук, төрөппүт уонна оҕо айымньылаах үлэлэрин сайыннаралларыгар, олорор сиргэ сөптөөх кэрэ усулуобуйаны тэрийэллэригэр диэн этиигэ олоҕуран, нэлэгэрдэр быйыл “Мой двор – моя гордость” диэн күрэххэ кытталлар.

Күрэххэ кыттыыны ылан, тэлгэһэлэрин кэрэ көстүүлээх оҥорбут, симээбит Анна Сивцева, Александра Мордовская, Матрена Бугаева, Валентина Колодезникова, Пелагея Федорова, Галина Иванова, Елена Захарова, Анастасия Ядреева, Елена Ксенофонтова, Елизавета Спиридонова, Максим Аргунов үлэлэрин дьүүллүүр сүбэ көрөн-истэн быһаарыныы ылынан атырдьах ыйын 17 күнүгэр кыайыылаахтары ааттаталыаҕа, наҕараадалары туттартыаҕа.

Бу күн түөлбэ олохтоохторугар долгутуулах, күүтүүлээх күн үүнүөҕэ. “Наш двор”, “Золотая грядка”, “Наши друзья – кормильцы”, “Зеленый двор”, “Оригинальные скульптурные формы своими руками” номинацияларынан наҕараадаланарын уонна кыттыбыт дьиэ кэргэттэр биһирэбил бириистэри туталларын билиэхпит.

Анна Сидорова, “Нэлэгэр” түөлбэ ветеранын сэбиэтин председателэ:

— “Мой двор – моя гордость” күрэх кыттыылаахтарын тэлгэһэлэрин атырдьах ыйын 10-15 күннэригэр көрөммүт сөхтүбүт-махтайдыбыт. Олорор түөлбэбитигэр наһаа да элбэх талааннаах дьиэ кэргэттэрдээх эбиппит диэн үөрэн-көтөн, өссө биирдэ итэҕэйэн сылдьабын.

 

Түөлбэ салайааччыта Ольга Прядезникова председателлээх дьүүллүүр сүбэҕэ баарбыттан астынным. Инникитин өссө да күрэхтэр ыытыллыахтара. Олохтоохтор бу курдук көхтөөхтүк кыттар буолуҥ диэн ыҥырабын. Бу олоххо көҥүллүк тыыныахха, үөрүүнү-көтүүнү тута сылдьыахха, эн-мин дэһэн ыалдьыттаһыах, доҕордоһуох!

Харысхан Попов