Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы – от ыйа батыһар.
Бу ыйга тымныйдаҕына – сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас.
Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар.
Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр.
Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир.
Ол эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйара, күн уһаан иһэрэ биллэн иһэр.
📹: Роман Шапошников