«Куттала суох, хаачыстыбалаах массыына суола» национальнай бырайыагынан Дьокуускай – Нам хайысханан улахан кээмэйдээх үлэ ыытылла турар. Бу иннинэ Нам кыраныыссатыттан 5 биэрэстэлээх сиргэ асфальт ууруллубута.
Билигин Намтан мырааны тахсыыттан үлэ саҕаланан уопсайа 10,40 км уһуннаах суол өрөмүөннэниэҕэ. Бэдэрээтчитинэн «Сэттэ» ХЭТ үлэлиир. Улахан кыамталаах техникалар тахсаннар, эргэ асфальт суолу көтүрэн, саҥалыы уура сылдьаллар.
Учаастак начальнига Петр Антипов:
— «Сүрүн сакаасчытынан өрөспүүбүлүкэтээҕи суол-иис управлениета буолар. Контракт быһыытынан 2024 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэн, ол эрэн бу сыл бүтүөр диэри үлэни түмүктүөхпүтүн баҕарабыт. Билиҥҥи туругунан 2 биэрэстэ асфальт уурулунна. Үөһээ бүрүөһүн халыҥа – 5 см, аллараа араҥата 7 см буолар».
Суол-иис оҥоһуутун кэмигэр сырыы тохтообот. Манна кутталы суох буолууну хааччыйарга, итиэннэ айан хааччахтамматын туһугар бары ирдэбил тутуһуллар. Суоппардар айанныыр тэтимнэрин бытаардар анал бэлиэлэр тураллар.
Төһө да уустук кэм тирээн турдар, үлэни толорооччулар хаачыстыбалаах өрөмүөн сыл бүтүүтэ түмүктэниэҕэ диэн эрэннэрэллэр.
Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата