2011 с. Арассыыйа бэрэсиэдьиэнэ Владимир Путин бэс ыйын 6 күнүн Нуучча тылын күнүнэн ааҕар туһунан Ыйааҕа тахсыбыта.
Сыл аайы бэс ыйын 6 күнүгэр нуучча литературатыгар сүдү кылааты киллэрбит улуу бэйиэт Александр Пушкин төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр, ол курдук бүгүн А.Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын бэлиэтэнэр.
Александр Сергеевич Пушкин аата нуучча литературнай тылын төрүттээччинэн ааҕыллар, айымньылара омугуттан, сааһыттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох араас көлүөнэҕэ ааҕыллан, аан дойду норуоттарын тылларыгар тылбаастанан кэллилэр.
Саха норуотугар Пушкин “Былыт” хоһоонун сахалыы тылынан бастакынан П.А.Ойуунускай тылбаастаабыта. 1949 сыллааха А.С.Пушкин айымьыларын саамай улахан хомуурунньуга сахалыы “Талыллыбыт айымньылар” кинигэ бэчээттэммитэ. Тылбааска саха биллэр суруйааччылара Күннүк Уурастыыран, Эллэй, Илья Чаҕылҕан, Сэмэн Данилов, Дьуон Дьаҥылы, В. Чиряев уо.д.а. тылбаастаммыт үлэлэрэ киирбиттэрэ. Бэйиэт Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы Пушкин аатырбыт “Евгений Онегин” айымньытын сахалыы саҥардан улахан биһирэбили ылбыта.
Бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотеката “Тугун үчүгэйдэрэй, бу остуоруйалар!” диэн аатаах оҕолорго аналлаах тэрээһин буолла. Ол курдук, Набережнай болуоссакка Пушкин хоһооннорун ааҕыыта, бөлөхтөргө арахсан кроссворд таайыыта уонна “Пушкин суолунан” КВЕСТ – оонньуу ыытылынна.
Намнааҕы кырдьаҕастар интернээт дьиэтин олохтоохторо кэлэн М.М. Бочонина, Л.Т. Пестрякова, В.Н. Иванов, Е.М. Феофанов Пушкин айымньыларыттан быһа тардан бэрт умсугутуулаахтык аахтылар.
Лена Корякина