Тутуу этэрээтэ Намҥа үгүс үлэни үмүрүтэ тутта

СӨ министерствотын көҕүлээһининэн Нам сэлиэнньэтигэр 10 байыастаах устудьуон этэрээтэ үлэтин түмүктээтэ. Тутуу этэрээтэ ый устата сэлиэнньэҕэ араас хайысхаҕа күүс-көмө буолла, үгүс үлэни үмүрүттэ.

Ол курдук, үлэһит кыргыттар чуолаан, кырааска үлэтигэр сылдьыбыттарын ыччат лиидэрэ Майя Румянцева этэр. Кинилэр Эйэ болуоссатын, сквердэри кырааскалаабыттар. Ону тэҥэ, сибэккилэргэ уу куппуттар. Нам сэлиэнньэтин кырасыабай көстүүлээх, дьон тоҕуоруһа мустар сирдэригэр – Максим Аммосов Набережнайыгар уонна Эйэ болуоссатыгар ырааһырдыы үлэтин ыыппыттар, уолаттар от охсубуттар.

Улуус дьонугар-сэргэтигэр Үрүҥ Тунах Ыһыах ыһылларыгар, уолаттар уонна кыргыттар “Эҥсиэли” култуура уонна сынньалаҥ  пааркаҕа бэлэмнэнии, тэрээһин араас үлэлэригэр кыттыспыттар уонна сайыҥҥы сиэр-туом күнэ бүтээттин кытта пааркаҕа хомуйууну, бэрээдэктээһини ыыппыттар.

Устудьуоннартан 3-түү волонтер МАУ тэрилтэҕэ холбоһон бөх-сыыс быраҕар баахтарга, күрүөтүгэр-хаһаатыгар өрөмүөннээһин үлэтигэр көмөлөспүттэр, кырааскалаабыттар.

Наммыт сэлиэнньэтигэр “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” национальнай программанан үгүс саҥа таас дьиэ олоххо киирбитэ. Тутуу этэрээтэ хаарбах туруктаах дьиэлэргэ дьон таптаабытынан киирбэтин туһугар Ленин аатынан уулусса 3, 5, 9, 11 нүөмэрдээх, Октябрьскай уул. 12, 14 нүөмэрдээх уонна икки панель дьиэлэри “лип” гына бүөлээбиттэр. Эбии хаарбах туруктаах оҕо былаһааккаларын көтүрбүттэр.

«Устудьуоннар ый устата бэрт түмсүүлээхтик, күргүөмнээхтик үлэлээбиттэрин хайгаатым. Бөлөххө, хаһан баҕарар, биир тыл булан бэйэтин холобурунан салайар, тиийимтиэ тыллаах-өстөөх киһи баар буолааччы. Бу устудьуон этэрээтигэр убаастыыр табаарыстаахтарын, кини тылын истэллэрин бэлиэтээбитим.

Волонтердарбыт бары олохтоох Нам оҕолоро. Бэйэлэрэ хамнастанан, биирдии оҕо илиитигэр 50 тыһ. солк. хамнастанна», — диир ыччат лиидэрэ Майя Румянцева.

Харысхан Попов

Читайте дальше