Туяра Захарова, онколог-быраас: «Эрдэттэн бэрэбиэркэлэнэр туһалаах»​

Олунньу 4 күнэАан дойдутааҕы араак ыарыытын утары охсуһар күн. Нам улууһугар араак ыарыыны утары үлэ туһунан Нам улуустааҕы киин балыыһа онколог-бырааһа Туяра Захарова санаатын үллэстэр:

-2023 сыл түмүгүнэн Нам улууһугар 261 киһи учуокка турар. Былырыын бэс ыйын 1 күнүгэр күнүскү стационар иһинэн икки миэстэлээх амбулаторнай онкологическай көмө киинэ арыллыбыта, онно уопсайа 73 киһиэхэ химиотерапия оҥорбуппут. Сүрүн хайысхабытынан бу ыарыыга ылларан эрэр дьону булуу, быһаарыы буолар.

Поликлиника 1 этээһигэр медицинскэй профилактика кабинета үлэлиир, дьон доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэнэр, диспансеризацияны ааһар уонна онкоскрининг бэрэбиэркэтин эмиэ барар. Онно доруобай нэһилиэнньэ өттүттэн ким баҕалаах колл-киин нөҥүө суруйтаран көрдөрүнэр. Кэлээтин кытта анкетирование толоттороллор, анализтары ылаллар, ол иһигэр онкомаркерга эмиэ, ол аата искэн төрдүн буларга көмөлөөх анализ. Кылаабынайа, аһаабакка кэлбит буолуохтаахтар. Анкетирование уонна анализтааһын түмүгүнэн онкомаркер көрдөрүүлэрэ баар буоллаҕына, эбии УЗИ, ФГДС, ММГ, рентген-чинчийиини ааһаллар. Онон медицинскэй профилактика кабинетыгар диспансеризация, онкоскрининг чинчийиилэрин түмүгэр искэн ыарыыта үөскүүр куттала баара биллэн, араакка уорбаламмыт киһи көһүннэҕинэ миэхэ ыыталлар. Кинини үс күн иһинэн чинчийэн көрөбүт, өскөтүн куһаҕан дьайыылаах искэн баарын буллахпытына, өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансерга (ЯРОД) ыытабыт, оттон доброкачественнай буоллаҕына, сүбэ-ама биэрэбит, көрөбүт-истэбит.

Оттон учуокка турбут дьону сыл ахсын көрөбүт, бэрэбиэркэлиибит, тоҕо диэтэргин, искэннэрэ иккистээн көбөн тахсыан, эбэтэр атын уоргаҥҥа тарҕаныан сөп. Ол иһин эмтиибит уонна тарҕамматыгар үлэлэһэбит. Дьон араак ыарыыта булуллубут кэмиттэн биир сыл устата үс ый буола-буола көрдөрүнэллэр, кинилэртэн бары аналиһы ылан чинчийэбит. Онтон иккис сылларыгар, этэҥҥэ тарҕаммакка сылдьар буоллаҕына, алта ый кэнниттэн бэрэбиэркэлэнэ кэлэллэр, ол кэнниттэн сылга биирдэ көрдөрүнэллэр. Ити курдук олохторун устата хонтуруолга ылыллаллар.

Биһиги сылга иккитэ араак ыарыыга анаммыт аһаҕас аан күннэрин ыытабыт. Холобур, бу чэрчитинэн нэһилиэнньэҕэ өйдөтөн лекция ааҕыыта ыытыллар, СМИ-гэ анал матырыйаал тахсар, онкомаркерга анализ ылабыт, элбэх үлэ барар. Онон дьон-сэргэ араак ыарыытыттан харыстанан эрдэттэн бэрэбиэркэлэнэрэ туһалаах.

Манна даҕатан эттэххэ, бэҕэһээ Ил Дархаммыт Айсен Николаев бэйэтин ТГ-каналыгар Дьокуускайга аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир саҥа онкологическай диспансер аһыллар историческай күнэ үүммүтүнэн дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээтэ уонна дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин видео сибээс нөҥүө өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун эҕэрдэлээн үөрүүбүт икки бүк үрдээбитин бэлиэтээтэ, киниэхэ өйүүрүн, көмөлөһөрүн иһин махтанарын биллэрдэ.  Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи саҥа  онкологическай диспансера (ЯРОД)  дойдубут Президенэ көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Касьян Олесов-Олук