Түбэ бэтэрээннэрэ «Блиндаж чүмэчитэ» аахсыйаҕа кыттыһаллар

— Байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолорбутугар ыраахтан да буоллар көмөнү оҥоруохха диэн сыаллаах-соруктаах «Блиндаж чүмэчитэ» аахсыйаҕа кыттыһаммыт, Түбэ нэһилиэгин бэтэрээннэрэ чүмэчи оҥоро сылдьабыт. Ол инниттэн бастаан ыал аайыттан 100 солк. хомуйан, уопсайа 13 100 солк. киирдэ. Дьон баҕа өттүнэн билигин да ыыта турар. Түбэттэн төрүттээх атын сиргэ олорооччулар истэн эмиэ ыыталлар. Ити олус биһирэбиллээх, биһиги аахсыйабытыгар кыттыбыттарыгар кинилэргэ олус диэн махтанабыт.

Чүмэчи көстөрө ыарахаттардаах, билиҥҥитэ биир дьааһыгы атыыласпыппыт уонна нэһилиэнньэттэн булбуппутунан барыта 160 чүмэчиттэн 27 устуука блиндаж чүмэчитин бэлэмнээтибит. Тохсунньу 21 күнүгэр балаҕаммытыгар мустаммыт 20-чэ киһи субуотунньуктаатыбыт. “Ютуб” каналтан көрөн, барыта биир тэҥ буоллун диэн горох бааҥкатынан оҥордубут. Уолаттарбыт дойдуларын сытын-сымарын ыллыннар диэммит боҕуруоскай, үөрэ отторун куттубут, — диир Түбэ нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Марина Сивцева.

Сивцева М.П.

77-80-ча саастаах үс кырдьаҕастара балаҕаҥҥа кыайан кэлбэккэ, чүмэчи ыыттаран дьиэлэригэр оҥорон көмөлөспүттэрин Марина Петровна ахтар. Итини таһынан СВО-ҕа сылдьар оҕолорбутугар маскировочнай сетка атыылаһан ыытар санаалаахтарын этэр. Ити курдук Түбэ нэһилиэгин бэтэрээннэрэ Кыайыыны чугаһатан бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.

Касьян Олесов-Олук

Хаартыскалар: М.П. Сивцева, Р.Е. Лукина тиксэриилэрэ