Тохсунньу 23 күнүгэр нэһилиэкпит аҕа баһылыга Г.В. Гуляев үүммүт 2024 сыл былаанын быһаарсарга түөлбэлэр уонна түмсүүлэр салайааччыларын кытта сүбэ-мунньах тэрийдэ.
Мунньах улууска биллэриллибит «Оҕо спордун», өрөспүүбүлүкэҕэ «Оҕо саас» уонна Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн» сылларын тула ааста.
Ааттаммыт сыллар чэрчилэринэн үүммүт 2024 с. туох үлэ былааннаахтык ыытыллыахтааҕын сүбэлэстилэр.
Түмүккэ:
— «Аҕа түмсүү» аата «Эр санаа» түмсүү диэҥҥэ уларытылынна. Түмсүүгэ оҕо саастарыттан саҕалаан киирии буолар.
— »Эр санаа» түмсүү тэрээһин мунньаҕа олунньу ыйга буолара быһаарылынна.
— Нэһилиэк «Эдэр ыччатын» салайааччытынан Никонов А.П. ананнна.
— »Дьиэ кэргэн» сылын чэрчитинэн, олунньу ыйга тэрээһин буоларын биллэрдэ.
— Нэһилиэк дьиэ кэргэттэрин туһунан кинигэ суруллуутугар хамыыһыйа тэриллэр буолла.
— Сыл түмүгүнэн барытыгар кыттар көхтөөх дьиэ кэргэни бэлиэтииргэ диэн сүбэлэстилэр.
— Түөлбэлэр граннарга киирсэллэригэр докумуон оҥоруутугар салгыы үлэ ыытарга диэн кэпсэтиинэн сүбэ-мунньах түмүктэннэ.
Амана Дьяконова, «Чараҥ» түөлбэ салайааччыта