Түбэ нэһилиэгэр “Айхал” сынньалаҥ киинигэр Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан биир дойдулаахпыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, тылбаасчыт Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах “Таллан Бүрэни ааҕабыт” диэн дьиэ кэргэнинэн дорҕоонноохтук ааҕыы күөн күрэһэ тохсунньу 24 күнүгэр ыытылынна.
Күөн күрэһи Түбэ олохтоох модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Л.С. Григорьева, М.Е. Охлопкова аатынан Түбэ орто оскуолатын библиотекара М.А. Сивцева, саха тылын уонна литературатын учуутала Т.А. Соловьева тэрийэн ыыттылар. Күрэх сыала-соруга Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ айымньыларын билиһиннэрии, киэҥник тарҕатыы, аалынан ааҕыыны көҕүлээһин, сайыннарыы, дьиэ кэргэни түмүү буолар.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ Түбэ орто оскуолатын 4-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ дьиэ кэргэттэринээн (3-түү киһи) уопсайа 8 ыал, 20 киһи кэлэн кытынна. Тэрээһиммит үөрүүлээх чааһа нэһилиэкпит Ытык дьоно, Аҕа сүбэһиттэрэ Розалия Егоровна Лукина, Ольга Афанасьевна Захарова, Марита Афанасьевна Сивцева Таллан Бүрэ хоһооннорун ааҕыыларынан саҕаланна. Розалия Егоровна Таллан Бүрэни көрбүтүн, кини оҕолорун туһунан ахтыы оҥордо, »Мааппа» диэн ырыаны ыллаан иһитиннэрдэ. Ол кэнниттэн кыттааччылар Таллан Бүрэ хоһоонуттан быһа тардыыны тута талан ылан дорҕоонноохтук аахтылар. Бастаан оҕолору истии буолла, онтон ийэлэри (эдьиийдэри), аҕалары (убайдары).
Саха тылын чулуу маастара, айар тыл аҕата, биир дойдулаахпыт Е.С. Сивцев — Таллан Бүрэ хоһооннорун кэрэ эйгэтигэр киирэн ыллыбыт. Күрэҕи 3 киһилээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата, сүрүн болҕомтону тыллары сөпкө саҥарыыга, иэйиини тиэрдиигэ, ис турукка киирэн ааҕалларын көрдүлэр.
Тэрээһин чэрчитинэн »Эн аах, таптаа, бу дьикти поэзияны, киирэ сырыт Таллан Бүрэ саарыстыбатыгар!…» диэн поэт олоҕун, айар үлэтин көрдөрөр быыстапка турда. Түмүк тахсар кэмигэр саха тылын учуутала Т.А. Соловьева Таллан Бүрэҕэ аналлаах викторина ыытта, кыайыылаахха Кира Владимировна Никоноваҕа дьоһун бэлэх – кинигэ туттарда.
Түмүк маннык буолла. 1 бөлөххө (4-7 кылаастар):
3 үктэл — Бубякиннар дьиэ кэргэн,
2 үктэл — Дьяконовтар дьиэ кэргэн,
1 үктэл — Егоровтар дьиэ кэргэн,
Кылаан кыайыылаах — Сайдамовтар дьиэ кэргэн.
2 бөлөх (8-11 кылаас):
1 үктэл — Федоровтар дьиэ кэргэн,
2 үктэл — Федоровтар дьиэ кэргэн,
3 үктэл — Соловьевтар дьиэ кэргэн,
Кылаан кыайыылаах — Дьяконовтар дьиэ кэргэн.
Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ Добун суруктар туттарылыннылар. Кылаан кыайыылаахтарга: 1- кы бөлөххө оскуола библиотекара Марита Сивцева бэйэтэ үлэлэспит »Алаас ааттаах Биктэриинэ кинигэ» диэн өйү сайыннарар олус интэриэһинэй кинигэтин Птицыннарга туттарда, 2- с бөлөххө олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Людмила Григорьева »Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ» диэн сахалыы тыыннаах кинигэни Дьяконовтарга бэлэх уунна.
Кинигэ-сынньанар күммэр
Кэпсээннээх кэрэ ыалдьыт.
Үлэлиир, үөрэнэр кэммэр
Өйөллөөх үтүө арыалдьыт.
Кини — өспөт үрдүк идеям,
Өстөөҕү охсор батаһым,
Түлэгэдийбэт түүҥҥү дьүөгэм,
Тахсар күнү көрсөр атаһым — диэн поэт дириҥ ис хоһоонноох тылларынан тэрээһиммитин түмүктээтибит, сыалбытын ситтибит, сахалыы тылынан ааҕалларын угуйдубут, Таллан Бүрэ дьикти поэзиятын саарыстыбатыгар сырыттыбыт.
Людмила Григорьева