Түбэҕэ дириҥ историяны кэрэһэлиир тэрээһин ыытылынна

Ленинград куораты өстөөхтөн олоччу босхолооһун өрөгөйдөөх 80 сылынан, Аан дойду иккис сэриитин хаамыытын уларыппыт Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэммит күнүнэн, Ийэ дойдуга бэриниилээх ыччаты үүннэрэн таһаарар сыаллаах  «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» дириҥ историяны кэрэһэлиир тэрээһин Түбэ нэһилиэгэр олунньу 2 күнүгэр бэрт истиҥник буолан ааста. Сылын ахсын буолар суолталаах тэрээһин история учуутала Варвара Попова көҕүлээһининэн, пенсионердар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Марина Сивцева, олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Людмила Григорьева тэрийиилэринэн ыытылынна. Ол курдук, «Сэттэ кут туруйа» диэн дириҥ ис хоһоонноох ырыаны олус иэйиилээхтик Сардаана Аргунова ыллаан арыйда.

Тэрээһин хаамыытынан «80 фактов о блокаде» уруһуй,  «Непокоренный Ленинград» диэн үс сүрүн кэрчиккэ арахсан историяны кэпсиир иллюстрированнай кинигэ быыстапкалара, оччотооҕу кэми санатар фотозона турда.

Оскуола бары үөрэнээччилэригэр кылааһынан уус-уран литературнай монтаж көрдөрүүтүгэр күрэх ыытылынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ нэһилиэкпит Аҕа сүбэһитэ, «Учууталлар учууталлара» Варвара Игнатьевна Дьяконова бэрэссэдээтэллээтэ, чилиэннэринэн үлэ бэтэрээнэ, пенсионердар Сэбиэттэрин маассабай үлэҕэ эппиэтинэстээх  Ольга Афанасьевна Захарова; үлэ бэтэрээнэ, «Түбэчээнэ» уһуйаан музыкальнай салайааччыта Прасковья Дмитриевна Лукавина, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, оскуола иһинэн үлэлиир «Сээркээн» драм. театр куруһуок салайааччыта Лидия Николаевна Егорова уонна «Айхал» СКиин уус-уран салайааччыта Айталина Алексеевна Кириллина үлэлээтилэр.

Дьүүллүүр сүбэ

Бу улахан суолталаах күҥҥэ үлэ ветерана, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Лидия Федоровна Дьяконова урукку кэмнэрдээҕи ырыаларын ыллаан иһитиннэрдэ, үтүө тылларын анаата. Сэрии сылын оҕото, үлэ бэтэрээнэ , нэһилиэкпит Аҕа сүбэһиттэрин бэрэссэдээтэлэ Розалия Егоровна Лукина ахтыы оҥордо, иллээх олох кэлэрин баҕаран туран, история учууталыгар Варвара Николаевна Поповаҕа дьоһун бэлэхтэри — кинигэлэри туттарда. Сэрии хонуутуттан төннүбэтэх, биһиги дьоллоох олохпут иһин олохторун биэрбит буойуттарбытыгар кириэстэбил мүнүүтэҕэ иһийэн ыллыбыт.

Түмүккэ бастакы бөлөххө (1-5 кылааска диэри):
I миэстэ — холбоһуктаах 2-3 кылаастар «Дети блокадного ленинграда», кыл.салайааччылара Куприянова О.С., Никитина М.Н.

II миэстэ — 4 кылаастар «Мы выстоим», кыл. салайааччыта Никонова К.В.


III миэстэ — 1 кылаастар «Ленинградские ребята» кыл. салайааччыта Кононова С.С. ыллылар.

Иккис бөлөххө (6-11 кылааска диэри):
I миэстэ — холбоһуктаах 8-9 кылаастар «Хаһыҥҥа хаарыйтарбыт сибэккилэр» кыл. салайааччылара Попова В.Н., Соловьева Т.А.


II миэстэ — холбоһуктаах 10-11 кылаастар «Музы блокадного Ленинграда», кыл. салайааччылара Дьяконова Д.Р., Андреева К.Н.


III миэстэ — 6 кылаастар  «А мы музы не молчали», кыл.салайааччыта Прокопьева А.А. ыллылар.

Пенсионердар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Марина Петровна Сивцева Намҥа Сталинградскай кыргыһыыга аналлаах тэрээһиҥҥэ баран кыттан кэлбиттэрин, биһиги нэһилиэкпититтэн ол тыйыс кыргыһыыга биир дойдулаахпыт Дьяконов Герасим Никитич туһунан кэпсээтэ, кырачаан сиэн кыргыттар Алтынай Дьяконова уонна Оксана Федорова хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Түмүк тахсар кэмигэр хара килиэп, гречка хааһыны кэлбит киһи барыта амсайда.

«Мы будущее» бырайыак курсун оҕолоро Федорова Лиза, 11 кылаас, Чепалов Милан, 11 кылаас, Дьяконов Ганя, 10 кылаас (салайааччы Варвара Николаевна Попова) «Кыайыы Ытык Ийэлэрэ» диэн Түбэттэн биир ыалтан сэриигэ барбыт уолаттар, кинилэр Ийэлэрин туһунан дакылаат аахтылар, дьон интэриэһин тартылар.

Түмүккэ кыттыылаахтарга барыларыгар минньигэс бириистэр, Добун суруктар туттарылыннылар, көрөөччүлэр олус долгуйа, сорох кэмҥэ уйадыйан харах ууланан көрбүттэрин, үтүө — мааны тылларын анаатылар, тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста диэн сыаналаатылар. Тэрээһини история учуутала Варвара Попова, олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Людмила Григорьева иилээн- саҕалаан ыыттылар.

Бары кыттыбыт оҕолорго, кылаас салайааччыларыгар уонна ыҥырыыбытын ылынан кэлбит дьоһун-мааны дьоммутугар тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын биллэрэбит.

Людмила Григорьева