Биэс улуус ыччата Үөһээ Бүлүүгэ түмсүөҕэ

Нам улууһун ыччата Исидор Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах “АктивВервил” диэн ыччат бэстибээлигэр Үөһээ Бүлүүгэ айаннаары сылдьарын улууспут дьиэ кэргэнин уонна ыччат политикатын отделын салайааччыта Екатерина Евстафьева иһитиннэрэр.

Ол курдук, атырдьах ыйын 11-13 күннэригэр Түгэхтэй алааска Нам, Таатта, Бүлүү, Ньурба, Үөһээ Бүлүү ыччата кыттыыны ылыахтара.

“Саха сирин улуу дьонноруттан биирдэстэрэ, государственнай уонна политическай деятелэ Исидор Барахов 125 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн ыытыллар “АктивВервил” бэстибээлгэ Нам эдэр дьоно үгүһү билэ-көрө айанныаҕа.

Тэрилтэ салайааччыларыгар этиэхпин баҕарабын, эдэр исписэлиистэргитин биир улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылалларыгар ыҥырабын. Маннык таһымнаах бэстибээлгэ ыытаргыт тоҕоостоох уонна инникилээх: Өрөспүүбүлүкэбит каадырдарын резербэтигэр киирэр кыахтаныахтарын сөп. Ону тэҥэ, улуустар ыччаттарын кытта биир хамаандаҕа бүтүн Саха сиригэр туох саҥаны киллэрэри толкуйдаан кыайыы өрөгөйүн билэр түгэннэригэр, хамаанданан тутуспутунан Кытай Хэйхэ куоратыгар сынньанар, Өлүөнэ Эбэ устун очуостар кэрэлэрин көрө устар уонна «Высшая школа инновационного менеджмента» буор босхо үөрэнэр чиэскэ, сыаналаах бириискэ тиксэргэ кыах үөскүүр”, – диир Екатерина Сергеевна.

Харысхан Попов