Нам сэлиэнньэтигэр Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата сылын аайы оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар былаан быһыытынан, кэмиттэн кэмигэр түүҥҥү рейдэлэри оҥорор.
Бэлиэтээн эттэххэ, үлэһиттэр рейдэни 2010 сыллаахха муус устар 14 күнүгэр СӨ Ил Түмэнин уурааҕынан 822-3 № 529-IV «О мерах по предупреждению причинения вреда здоровью детей, их физическому, интеллектуальному, психическому, духовному и нравственному развитию» сокуоҥҥа олоҕуран ыытар.
Үөрэх саҕаланнаҕына түүҥҥү рейдэлэр төрөппүттэр кыттыылаах ыытыллар эбит буоллаҕына, сайыҥҥы кэмҥэ рейдэлэр профилактика уорганнара кыттыылаах атырдьах ыйа бүтүөр диэри ыытыллыахтара.
Рейдэлэргэ Намнааҕы “Берегиня” дьиэ кэргэн киинэ (сал. М.М. Винокурова), Намнааҕы дьарыктаах буолуу киинэ (сал. Г.И. Николаев), Намнааҕы үөрэх управлениета (сал. М.С. Игнатьева), “Эҥсиэли” хаһыат (сал. Л.А. Ноговицына) үлэһиттэрэ, Намнааҕы социальнай харалта управлениета (сал. Л.И. Петрова), Намнааҕы психологическай киин (сал. А.С. Васильева), культура управлениета (сал. С.П. Ядрихинскай), ИДьУО Намнааҕы отделениетын ПДН инспектордара (нач. М.М. Кокарев) уонна олохтоох дьаһалта иһинэн үлэлиир саастарын туола илик оҕолор дьыалаларыгар уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр общественнай сэбиэт кыттыыны ылаллар.
Сайыҥҥы кэмҥэ сокуоннай сааһын туола илик оҕо түүн 23.00 чаастан сарсыарда 6.00 чааска диэри төрөппүтэ суох общественнай сирдэргэ сылдьара, көҥүл дьаарбайара көҥүллэммэт.
Оскуола саастаах оҕолору кытта өйдөтөр, сэрэтэр кэпсэтиилэр ыытыллалларын үрдүнэн, хомойуох иһин, түүҥҥү өттүгэр тахсыы, сылдьыы тохтообот. Рейдэҕэ тахсыбыт үлэһиттэр тутуллубут оҕолору дьиэлэригэр диэри тиэрдэллэр уонна төрөппүттэригэр аактаҕа илии баттаталлар.
Бу күннэргэ, рейдэ кэмигэр Намнааҕы 1-кы, 2-с нүөмэрдээх оскуола оҕолоро, 2 Хомустаах оскуолатын үөрэнээччитэ тутулуннулар. Тутуллубут оҕолору үгүстэрин төрөппүтэ табаарыһыгар эбэтэр дьүөгэтигэр хонноро ыыппыт буолар. Онтон хоннорооччу оҕо төрөппүттэрэ дьиэлэригэр суох буолан тахсар. Инньэ гынан, хонтуруол суоҕа хоноһо оҕолору түүҥҥү уулуссаҕа күүлэйгэ сирдиир. Холобура, оҕо иккистээн-үһүстээн тутулуннаҕына, ПДН учуотугар туруон сөп.
Буруйу оҥоруу, бэрээдэги кэһии ордук түүҥҥү бириэмэҕэ тахсар. Ол иһин, сүбэлиэ этибит, төрөппүт оҕону кыра сааһыттан күннээҕи режими тутуһарыгар болҕомтотун уурарыгар. Оҕо мөкү быһыыга тиийбэтин, түбэспэтин туһугар түүннэри сылдьарын тохтотуоҕуҥ.
Ленскэй нэһилиэк пресс-киинэ