Нам улууһун И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Пелагея Павлова «Учуутал — чинчийээччи, уһуйааччы, сүбэһит» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэйэ семинарын тэрийэн ыытта.
Пелагея Дмитриевна отут сыл устата кэнчээри ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт үлэтин тосхолун, баай уопутун биир идэлээхтэрин, ыҥырыылаах ыалдьыттарын кытта үллэһиннэ, санааларын атастастылар.
«Н.А. Лугинов «Үрдүк арыылар» сэһэнэ: уобараһы арыйыы ураты ньымаларын чинчийии» диэн темалаах 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр чинчийии, «Саха өйүн-санаатын чыпчаала — саха эйгэтэ» диэн араас сылларга оскуоланы бүтэрбит оҕолорго аналлаах уруоктары ураты ньыманан ыытта.
Варвара Шишигина, үөрэх кинигэлэрин, учууталга аналлаах методическай босуобуйалар ааптара, М.К. Аммосов аатынан Х-ИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын институтун «Саха литературата» кафедратын кабинетын сэбиэдиссэйэ: «Пелагея Дмитриевна өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ учуутал быһыытынан биллэр. Отут сыл устата үлэлээн олус уопутурбут. Үөрэнээччилэри толкуйдатар, бүгүҥҥү олоҕу кытары ыкса сибээстээн, олоххо туһаайар кэпсэтии, ырытыы уруога буолла. Ааспыт сылларга үөрэппит оҕолоругар, ыччакка — кинилэргэ оруобуна сөп түбэһэр теманы талбыт. Саха тыла төрүт тыл буоларын, сүппэтин, симэлийбэтин кэпсэттилэр. Чулуу дьоммут этиилэригэр, холобурдарыгар олоҕурда. Биллиилээх дьоммут тыл туһунан этиилэриттэн, олохторуттан таһаараннар бэйэлэрин санааларын эттилэр. Төрөөбүт тылынан саҥарар, оҕолоругар иҥэрэр, харыстыыр, сайыннарар дьон буолуохтаахпыт диэн өйгө-санааҕа аҕалла. Сыдьыбыт учууталларга даҕаны бары өттүнэн туһалаах уруок буолла».
Аэлита Попова, Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия учуутала: «Үрдүкү кылаас оҕолоругар уруок ыыппыта олус табылынна. Кини биир сатабыла диэн оҕолору кытары оҕо буолан тэбис тэҥҥэ санаа үллэстэр. Ол иһин, оҕолор толлубакка бэйэлэрин санааларын толору этэллэр, биир эйгэҕэ киирэллэр».
Екатерина Петрова, Партизан орто оскуолатын учуутала: «Хас биирдии учуутал бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх. Холобура, Пелагея Дмитриевна чинчийии үлэтин тэрийэр. Сорох учууталлар хоһоон аахтырыынан дьарыктаналлар. Онон маннык уопут атастаһар олус туһалаах».
Пелагея Дмитриевна үлэлээбит сылларыгар үөрэнээччилэргэ суруттарбыт чинчийэр үлэлэрин түмпүт «Эдэр чинчийээччилэр түһүлгэлэрэ» диэн кинигэтин биһирэмэ буолла. Кинигэ улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна арассыыйатааҕы конференциялар матырыйаалын хомуурунньуга буолар. Үөрэнээччилэр фольклорга, литератураҕа уонна кыраайы үөрэтиигэ араас сылларга чинчийбит үлэлэрин уонна түмүктэрин билиһиннэрэр. Кинигэ иһинээҕитэ темаларынан 4 түһүмэххэ арахсар.
«…Учуутал сиэр-майгы киһитийиитигэр, төрөөбүт дойдуга тапталы, патриотическай тыыны иитиигэ араас үлэни ыытар. Мин, сүрүннээн, болкулуорга литэрэтиирэҕэ уонна кыраайы үөрэтиигэ дакылаат суруйтарабын. Болкулуортан умнуллубут уонна умнуллан эрэр үгэстэри, сиэри-туому сөргүтэн, ону тилиннэрэн, литэрэтиирэттэн сиэр-майгы, дьон сыһыанын эгэлгэтин, киһи уйулҕатын таба көрөн сыаналаан, ырытан, кыраайы үөрэтиигэ бэйэ төрөөбүт дойдутун историятын, уһулуччулаах, талааннаах дьонун чинчийэн, үөрэтэн, аныгы олоххо сөптөөҕүн көрөн, оҕоҕо, ыччакка тиийэр суолун торумнаан, иитэр-үөрэтэр үлэ тиһигэр киллэрэн үлэлиибин…», — диэн ааптар аан тылыгар суруйбут. Кинигэ «Эҥсиэли» хаһыат редакциятыгар таҥыллан, оҥоһуллан «Офсет» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт. Семинарга кыттыбыт учууталлар бу хомуурунньук саха тылын уонна литературатын учууталларыгар, үөрэнээччилэргэ «остуол кинигэтэ» буолар суолталаах диэн бэлиэтээтилэр.
«Платоновтар-Поповтар педагогическай династия», И.Е. Винокуров аатынан стипендия стипендиатыгар, «Учууталга албан аат», «Саха сирин методиһа» бэлиэлэр хаһаайыныгар, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, РФ иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитигэр, «Россия бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕар Пелагея Павловаҕа «Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин председателэ Евгений Жирков туттарда.
«Учуутал — чинчийээччи, уһуйааччы, сүбэһит» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэйэ семинарга саха тылын, литературатын учууталлара, Пелагея Дмитриевна араас кэмҥэ үөрэппит оҕолоро, билигин салайар кылааһа, төрөппүттэр, наставниктара, улуустааҕы үөрэх салаатыттан кыттыыны ыллылар.
Учуутал билии киэҥ аартыгар үктэннэрэр, сырдыкка, кэрэҕэ угуйар диэн сыаллаан-соруктаан оскуола кэллэктиибэ, дьаһалтата, выпускниктар өйөбүллэринэн саха тылын уонна литературатын кылааһын аныгылыы истииллээн оҥорбуттарын биһирии көрдүбүт.
Семен Аргунов