Хамаҕатта орто оскуолатын 90 сыллаах үбүлүөйүгэр анааммын үөрэммит оскуолабыт, үөрэппит учууталларбыт тустарынан хайаан да ахтан, оҕо сааска төннөн, оскуолабыт уһун көрүдүөрүнэн сүүрбүт кэмнэрбитин санаан, махтал тылларын сурукка тиһэрбит, ахтан-санаан ааһарбыт оруннаах.
Биһиги кылаас 1973 сыллааха оскуола боруогун атыллаан маҥнайгы кылааска киирбиппит. Бастакы учууталбыт Людмила Афанасьевна эп-эдэр, кып-кыраһыабай, уһун-көнө уҥуохтаах учуутал билии-көрүү аартыгар суолбутун арыйбытыгар махталбыт уостубат.
Билигин түспэтийэн олорон санаатахха, чахчы идэлэрин баһылаабыт талааннаах учууталларга үөрэммит эбиппит диэн сыаналыыбыт. Үөрэх кэнниттэн араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр, субуотунньуктар, похуоттар, сайыҥҥы лааҕырдар, пионерскай сбордар, комсомольскай мунньахтар, кылаас чаастара… Барыта оҕо саас умнуллубат кэрэ кэмнэрэ… Үөрэппит учууталларбытын барыларын өйдүүбүт, истиҥник ахтабыт уонна махтанабыт!
Биһиги кылааспытыгар олус чугас, истиҥ киһибит, бары таптыыр, убаастыыр, кэтэһэр учууталбыт – нуучча тылын уонна литературатын үөрэппит, сорох кэмнэргэ кылаас салайааччытын солбуйбут Нина Егоровна Кудрина туһунан суруйан, ахтан ааһабын. Оччолорго күөх харахтаах, кэрэ сырдык сэбэрэлээх, нарын-намчы таһаалаах, өҥ буордаах Поволжья нуучча кыыһа тыйыс-тымныы Саха сиригэр ананан үлэлии кэлбитэ. Хамаҕаттаны иккис дойду оҥостон, өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбитэ, киниэхэ үөрэммит биһиги дьоллоохпут.
Үгүс сыл ааста, ол да буоллар Нина Егоровна сырдык мөссүөнэ куруук харахпытыгар, сүрэхпитигэр өрүү баар. Учууталбыт уруогар бары чуумпуран кини быһаарарын болҕойон олорон истэрбит. Саамай сөбүлүүр предмеппитигэр, литератураҕа, Нина Егоровна айымньылары ылыннарыылаахтык кэпсиирэ, суруйааччылар олохторун бу баардыы харахпытыгар оҥорон көрөрбүт. Учууталбыт предметин чахчы баһылаабыт, биһиэхэ, саха оҕолоругар, олус умсугутуулаахтык, интэриэһинэйдик сырдатара, улуу нуучча классик суруйааччыларыгар тапталы иҥэрбитэ. Хас биирдии айымньыны иҥэн-тоҥон ырытара, айымньы геройдарын хорсун быһыыларыттан киэн туттарбыт, майгыларыттан хараастарбыт, сонньуйарбыт. Оскуолаттан ылбыт билиим-көрүүм, уус-уран литератураҕа тапталым инники олохпор олук буолан, кинигэни кытта ыкса сибээстээх библиотекарь идэтин баһылаан 30-тан тахса сыл Чурапчыга үлэлээтим. Нуучча, саха суруйааччыларын айымньыларын олуһун сөбүлээн ааҕабын, үлэбэр мэлдьи туттабын. Тылга, суруйааччылар айымньыларыгар олох бары кэрэтэ, үөрэҕэ, муудараһа баар диэн билигин өйдөбүллээхпин, ону барытын биһиэхэ Нина Егоровна иҥэрбитэ.
Нина Егоровна, учуутал эрэ курдук буолбакка, ийэлии атын тиэмэлэргэ тэҥҥэ кэпсэтэрэ. Сорох түгэннэргэ кистэлэҥ санаалаарбытын киниэхэ эрэ аһыллан кэпсиирбит, сүбэлэтэрбит. Кэлин, оскуоланы бүтэрэн да баран, хайаан да көрсөн истиҥник, уһуннук кэпсэтэрбит. Нина Егоровна ийэлии иһирэхтик кэпсэтэн, чэйдэтэн атаарара. Кини сырдык мичээрэ, үөрбүт мөссүөнэ өйбөр-санаабар куруутун баар. Нина Егоровна Кудрина биһигини улуу нуучча тылынан толкуйдуурга, кэпсииргэ уһуйбут тапталлаах учууталбытын куруутун ахтабыт уонна махтанабыт!
Үлэлэригэр бэриниилээх, үтүө учууталларга үөрэнэн, билиини ылан, хас биирдиибит олоххо миэстэбитин булан, араас эйгэҕэ идэни баһылаан үлэһит дьон буолан үөрэммит оскуолабытыгар махтанабыт, өссө да үүнэ-сайда турарыгар баҕарабыт!
Анастасия Аммосова (Канаева), СӨ култууратын туйгуна, 1983 сыллаах 10 «а» кылаас выпуһа