Сахаларга түҥ былыргыттан дорҕоонноох айанын аартыгын атах тардыһар, суолу тобулар, кылгатар доҕоро, дьөһөгөй оҕото – ат сылгы. Мантан тардыылаан киһини сылгыһыт диэн ааттаатахтара буолуо.
Сылгыһыт сылгытын кытта биир кэлимсэ буолан, бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөһөр, туора киһи билбэт кистэлэҥнээхтэр. Ол курдук, бүгүн билиһиннэриэхпин баҕарабын – I Хомустаах нэһилиэгин удьуор сылгыһытын Иван Муксунову. Хомустаахха Уппаакыны билбэт киһи суоҕа буолуо, саха киһитигэр элбэх саҥата суох, бытаан да, түргэн да буолбакка, ортолуу былаастыы хамсаныылаах бэйэтин сааһыгар эдэрчи көрүҥнээх, сытыары сымнаҕас, туруоруо үлэһит киһи. Үлэ ыарахаттарыттан чаҕыйбатах, тулуурдаах бөҕө, кыра арбы-сарбы айдааҥҥа күөттэнэн кэлбэт киэҥ көҕүстээх, аҕатыттан бэриллибит сылгы көрүүтүн-истиитин билэр мындыр өйдөөх, онтун кэпсээн оҥосто дуу, киһиргэс гынан дуу ыскайдаммат бэрт сэмэй майгылаах.
—Иван, аҕан туһунан сырдат эрэ?
— Аҕам Муксунов Иван Андреевич, 1934 с.т., 4 кылаас үөрэхтээх, олохтоох Таастаах. Ийэлээх эрэ буолан, оҕо сааһыттан эрдэ холкуоска үлэлии киирбит. Таастаахтан Хомустаахха төрөппүттэрим 1959 сыллаахха көһөн киирэллэр, аҕабыт Муксунов Иван Андреевич – Бассабыык Нам совхозка сылгыһытынан 1970 сылтан, ийэбит Муксунова (Скрыбыкина) Нина Ивановна фермаҕа ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Аҕабыт кыһыҥҥы өттүгэр үксүн сылгы базатыгар үлэлии барар буолан, оҕолор ийэбитин кытта хааларбыт. Дьиэ ис-тас үлэтин барытын бэйэбит дьаһайарбыт. Сарсыарда эрдэ туран, оскуолаҕа барыахпыт иннинэ, ийэбитигэр совхоз хотонугар көмөлөһө барар этибит, 25 ынах сааҕын күрдьэн, оҕуһунан таһырдьа таһааран сүөкээн, от киллэрэн, ол эрэ кэнниттэн оскуолабытыгар барарбыт. Билигин санаатахха кытаанах үлэ оскуолатын барбыт эбиппит.
— Аан бастаан сылгыны кытта хаһан алтыһан саҕалаабыккыный?
— Мин 3-4 кылаастан аты таптаабыппынан миинэр этим. Сайын Бүтэйдээх сайылыгар аҕам бостуугунан, ийэм ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ. Оччолорго, бостууктар ынахтарын түүннэри, күнүстэри маныыр этилэр. Онуоха аҕам миигин күнүскү өттүгэр манатара, бэйэтэ түүн баран маныыра уонна күнүһүн утуйан сынньанара. Мин үөрүүнү кытта баран ынахтарбын маныырым. Куйаас күҥҥэ хатыҥ мас күлүгэр сытан ынахтарым хайдах оту ынньаҥалата ыстыылларын, кутуруктарынан дэйбиирдэнэ хаамалларын, тигээрдээн сүүрэллэрин көрөрүм. Ол быыһыгар маныыр алааһым үөнүн-көйүүрүн, отун-маһын, суолун-ииһин үөрэтэр, чинчийэр эбиппин. Хайаан да мас үрдүгэр ыттаммын үөһэттэн ынахтарым ахсаанын ааҕар этим, бүтүн ферма ыанньыксыттарын сүөһүлэрин ааттарын билэрим, майгылыын кытта атын буолааччылар. Ол курдук оскуоланы бүтэриэхпэр диэри сайынын аҕабынаан сылгыһыттаан, кыһынын хотоҥҥо ийэбэр көмөлөспүтүм.
— Оскуола кэнниттэн биир эмэ үөрэххэ туттарсар санааҥ суох этэ дуо? Мин билэрбинэн, эһиги кылааскытыгар биллэр-көстөр дьон үөрэммиттэр эбит дии.
— Мин оскуоланы 1979 сыллаахха бүтэрбитим, бииргэ үөрэммит кылааһынныктарым: Юрий Слепцов, “Нам улууһа” МТ баһылыга, Александр Азаров, сахалартан бастакы Арассыыйа гроссмейстера, Станислав Прокопьев, “Гранд” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ. Маннык кылааһынньыктардаахпынан киэн туттабын. Киһи-киһи туһунан суоллаах-иистээх бу орто дойдуга кэллэхпит, онтубутун толорон, иэспитин төлөөн, чиэстээхтик кырдьыахтаахпыт буоллаҕа.
Үөрэнэ барар туһунан өйгө да суох этэ, онно эбии бырааттарым Өндөрүүскэ, Бүөккэ, Кузьма, Уоһук кып-кыралар, кинилэри эмиэ иитиэххэ наада этэ. Улахан убайбыт Ганя армияҕа барбыта, Тима оскуолаҕа улахан кылааска үөрэнэрэ. Мин көрбөтөхпүнэ бу дьон кыаллыа суох курдуктара уонна айылҕа барахсан бэйэтигэр ыҥыра, угуйа турар күүһэ сыттаҕа.
Иван быраата Петр Муксунов аҕатын туһунан манныгы кэпсиир:
Мин 16 сааспыттан аҕабын кытта тыаҕа тахсан үлэлиирим. Тумулунан, Көрдьүгэнинэн, Түннүк Аннынан сопхуос сылгытын аһатар этибит. Аҕабыт билигин санаатахха үлэтигэр бэриниилээх, чиэһинэй үлэһит эбит, ол да иһин үлэтин көрдөрүүтүнэн кини түөртэ төхтөрүйэн “Нам” совхоз чемион сылгыһыт аатын ылбыта. Оччолорго фонда аныыр этилэр, биһиги аҕабыт “Юпитер”, икки “Урал” мотоцикл, уонна биир “Москвич” массыына фондаларынан араас сылларга наҕараадаламмыта, кэлэн дьааһыгынан дьиэбит тэлгэһэтигэр сүөкээн баралларын өйдүүбүн.
Урут манна, дьиэбитигэр, элбэх сылгыһыт кэлэн барар этэ, оҕо хараҕын көрүүтүнэн киинэҕэ көстөр сэрииһиттэр курдук буолаллара. Биэс киһи аттарын күрүөҕэ кэчигирэтэ баайан, атахтарыгар кыыннаах саха быһахтарын уктан, сүгэлэрин ат эрээмэтигэр иилэн, саа сүгүүлээх кэлэллэрэ өйбөр хаалан хаалбыт. Кулгаахпар билигин да кинилэр үөрбүт-көппүт саҥалара, күлүүлэрэ, бэйэлэрин өйдөһөр тылларыгар кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаардарын тэбэнэн дьиэҕэ киирэллэрэ. Ийэбит барахсан остуолун тардан, итии үүтээх чэй кута охсон, сүөгэйдээх лэппиэскэтин, сыалаах эти хоточчу буһаран иннилэригэр уурара. Сылгыһыттар аа-дьуо чэй иһэн сырылата-сырылата сылгыларын туһунан кэпсэтэллэрин өйдүүбүн.
Аҕабыт биһигини, игирэ уолаттарын миигин уонна Кузьманы, каникулга сыарҕалаах акка олордон тулуупка суулаан баран, үөһээ тыаҕа убайбытыгар сылгы аһатарга көмөҕө таһаарара. Саас тиэргэммитигэр уонтан тахса аты “баайаллар”, биһиги 13-14 саастаах сылдьан оскуолаттан табаарыстарбытын кытта кэлэн сүүрдэр, хаамтарар этибит, ол аата илиигэ үөрэтэбит, биллэн турар, аҕабыт этэрин курдук оҥорорбут.
— Иван, сылгы туруга дьыл кэмиттэн тутулуктаах дииллэр дии.
— Үгүстэр айылҕа оҕотун бэйэтэ көрүө-харайыа диэн соҥноон кэбиһэллэр. Итинник сыһыаннаһар букатын сыыһа. Сылгы барахсан киһи көрүүтэ-истиитэ суох табыллыбат, ууһаан-тэнийэн барбат. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, -50-60 кыраадыска, уулаах биэлэр наһаа тоҥоннор “түһэрэн” кэбиһэллэр. Хаардаах дьылга мөлтүүллэр, аһаарылар хаары хаһан үлэлээн ыраллар. Онон, халлаан тымныы ыйдарыгар эбии аһылык биэрэр олох үчүгэй, сылгы туруга тупсар, онтон сиэттэрэн төрүөх дэлэйэр. Аһатыыны эрдэ саҕалаатахха, ордук ахсынньы ый бүтэһигиттэн, тохсунньу ый толору уонна саас кулун тутар ыйтан эбии аһатыахха наада, оччоҕо син тулуктаһан ыһыктыбаттар Куһаҕан дьыл буоллар эрэ сааһырбыт, уулаах биэлэр улаханнык ырыганныыллар. Онон, сылгы олох быһа ыра илигинэ аһылыкка киллэриэххэ наада. Быһа түспүт сылгыны төһөлөөх аһаппытыҥ даҕаны иһин көнөн-өрүттэн биэрбэт. Ордук тиҥэһэ сылгы хотторумтуо. Сылгы тиҥэһэтигэр тииһиир. Онон тииһиир кэмигэр улаханнык оҕустарар, атын бөлөх сылгылардааҕар дөбөҥнүк ырыганныыр, аһылыкка наадыйар. Сылгы күргүөмүнэн ыам ыйыгар төрүүр. Кулун тутарга, муус устарга төрөөччү бэрт аҕыйах. Үс ыйы быһа соһон-сыһан төрүүр биэлэрдээх үөр баар буолааччы. Ол үөр атыыра хатылыырыттан уонна көҕүйэриттэн тутулуктаах.
Сылгы – дьикти өйдөөх кыыл. Эдэр биэ маҥнайгы төрүөх оҕотун быраҕар түгэннэрэ, эбэтэр өлөн хаалар түгэнигэр кырдьаҕас биэ батыһыннаран икки кулунчугу илдьэ сылдьар буолааччы.
Саастаах сылгы тыанан, алаастарынан бэйэтэ суоллаах-иистээх буолар, 3-4 алааһынан бастакы сиригэр төһө да ырааттар төннөн кэлэр. Эдэр үөрү, тыйдары сылгылаан ахсынньыга аҕалан хаайан аһатаҕын, инньэ гымматахха тоҥон, аччыктаан суолга тахсаллар, оччотугар кинилэри булбаккын, мээнэ баран хаалаллар.
— Биэлэри ханнык кэмҥэ ыыгыт?
— Биэлэри бэс ыйыгар эрэ ыан, ыһыахха кымыс баар буоларын хааччыйабыт. Биэ үүтэ кыра, ол иһин күҥҥэ биир биэни түөртэ ыыгын, элбэх үүтү ылар туһуттан 6-7-тэ ыахха сөп, оччоҕо күҥҥэ биир биэ 5 лиитэрэни биэрэр. Биһиги түөртэ ыан 2 буочука оҥоробут.
1975-1987с.с. диэри совхозка сылгы иитиитин зоотехнигынан Сергеев П.Г. ананан үлэлээбитэ. Сылгы иитэр идэтийбит үс звеноҕа ыстаарсайдарынан “Түннүк Аннын” учаастагар Григорьев П.Т., Муксунов И.А., Аргунов А.Т., Николаев В.П., “Парников” учаастагар Эверстов П.Д, “Таастаах” учаастагар Аргунов Т.Г., Аргунов Г.Т үлэлээбиттэрэ. Учаастоктарынан күһүн аайы 80-90-нуу тыһы убаһаны талан кыстаталлара. Сыл аайы эт комбинатыгар тыыннаахтыы скотовоһунан 400-500 убаһаны тиэйэн киллэрэн туттараллара. Сопхуос сылгы этин оҥорууну былаанын 110-120 % ситиһэрэ. 1984 сыллаахха “Нам” сопхуос сылгытын ахсаана 2795 төбөҕө, 1406 биэҕэ тиийбитэ.
— Билигин 1 Хомустаах нэһилиэгин “Дайар” кооператив сылгыларын көрөҕүн?
— 2007 с. олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэттэн ким баҕалаах Салбаҥтан Верхоянскай боруода сылгылаах Новиков А.Х. хаһаайыстыбатыттан атыылаһан “Дайар” диэн кооператив тэриллибитэ. Салайааччынан Степан Иванович Кривошапкин анаммыта. Миигин кытта Аргунов В.А., Филиппов Г.П. үлэлээн саҕалаабыппыт, сайын от оттуурга звеневой Свинобоев Н.Н. буолара. Билигин соҕотох хаалан үлэлии сылдьабын, саас ылар эбит, киһи сылайар-элэйэр, туйахпын хатарар утумнааччы ыччат чугаһынан суох курдук.
— Кыһын 50 кыраадыска ат үрдүгэр олорор ычча буолуо?
— Сайын куйааска, ардахха, силбиккэ, тымныыга оҕустарбат курдук күн-дьыл сылыгынан сөптөөхтүк таҥна сылдьаҕын. Аҕам совхоз саҕана таҥаһа халыҥ буоларын өйдүүбүн. Летчиктар кэтэр сэгиэйкэ ыстааннаах буолар, ол таһынан “уллук сутуруга” ыт тириититтэн тигиллибит тобукка кэтэр онньооску, ыт бэргэһэ, куобах истээх таһа ыт тириитэ үтүлүк, онно эбии илии көхсүн эрэ сабар “бэгэччэк үтүлүк”. Соно, кээнчэтэ таба тириититтэн буолааччы. Итиччэ халыҥ таҥастаах ат үрдүгэр бэрт сымсатык тахсар этэ. Мин таҥаһым аныгылыы, ыйааһына чэпчэки.
— Дьиэ кэргэниҥ?
— Кэргэним Ольга эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, үс уоллаахпын. Юра Хомустаах муниципальнай автономнай тэрилтэтигэр (МАУ АРТ) рабочайдыыр. Ганя байыаннай дьайыыга мобилизацияланан барбыта, билигин иккис уоппускатыгар кэлэ сылдьар. Мичил тутууну баһылаан, бэйэтэ биригээдэ тэринэн үлэлии-хамныы сылдьар, ат миинэр этэ, баҕар кэмэ кэллэҕинэ сылгыларынан дьарыктаныа. Кыыһым Ангелина оскуоланы бүтэрэн, профессиональнай лицейгэ повар идэтигэр ситиһиилээхтик үөрэнэр.
***
Бу курдук бэрт сэргэхтик Иван Муксуновтуун кэпсэттибит. Тыаттан киирэ сылдьар кэмигэр түбэһиннэрэн, куоттарымаары сарсыарда 8 чааска аанын тэлэ баттаан киирэммин соһуттум быһыылаах. Киһим айаныгар турунан, илдьэ барар бородууктатын хаалана турар кэмигэр түбэстим.
Айылҕа оҕото Уппаакы оҕо сааһын кэмиттэн, аҕатыттан илдьэ хаалбыт сылгыны көрөр-истэр мындырдарын ыччаттарыгар тиэрдэн, эһэлэрин, аҕаларын туйаҕын хатаралларын баҕара хаалыаҕыҥ.
Лена Корякина