Республикатааҕы психологическай киин Намнааҕы салаата сыл устата анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлэстэ. Манна сиэттэрэн, киһи бэйэтигэр көмөлөһөрүгэр сүбэлэри бэлэмнээтэ.
Бу боростуойа суох кэмнэргэ биһиги бары уолуйуубут үрдүк. Дойду үрдүнэн байыаннай дьайыыга быстах хомуур саҕаланан, сорохтор кэргэттэрин, аҕаларын, убайдарын, бырааттарын атаардылар.
Байыаннай дьайыыга киһи чугас киһитин уһун кэмҥэ атаарар, биллэн турар, чугас киһиҥ олоҕор олус күүскэ долгуйаҕын. Сороҕор долгуйууну сатаан аһардыбакка киһи утуйбат да аһаабат да буолар. Куруутун ону саныы сылдьартан аймалҕан үөскүүр. Маннык кэмнэргэ киһи өйө тохтобула суох сөптөөх суолу көрдүү сатыыр.
Бу кэмҥэ киһи бэйэтигэр туох көмөнү оҥоруон сөбүй?
Киһи паникалаан, өйө-санаата айманар кэмигэр бэйэҕэ көмөлөһөр сүбэлэр:
- Бастатан туран, киһи тыынарыгар болҕомто уурар. Өйү-санааны арааран хараххытын симиҥ. Салгыны муннугутунан киллэрэн искитин толорун уонна салгыны айаххытынан таһаарын. Тыынаргытын салгын хайдах киирэрин, тахсарын эккитинэн билиҥ. Ол кэнниттэн былчыннаргытын барытын күүрдүҥ, бу бириэмэҕэ илиигитин сутуруктуу тутан үөһээ көтөҕүҥ. Аҕыйах сөкүүндэнэн күүрбүккүтүн ыһыктыныҥ уонна эккитинэн-хааҥҥытынан өһүллүү барарын кэтээҥ.
- “Сиргэ ситимнэһии” – атаххыт хаптаҕайынан сир, ол эбэтэр муоста оллурун-боллурун билиҥ. Бэйэҕит күүскүтүнэн баттаан, атаххыт хаптаҕайынан туран тулалыыр эйгэҕитин көрүҥ. Бастатан туран, хараххытынан биир ордук сырдык малы булан көрүҥ, онтон муннугутунан туох сыт кэлэрин билиҥ. Бу кэмҥэ тыынаргыт дириҥ уонна бытаан буолуохтаах.
- “Харах уутунан чэпчээһин” – киһи ис дууһатыттан ытаатаҕына, харах уутунан киһи ыгылыйбыта тахсар.
Киһи күүстээх ыгылыйыыны иһигэр туттаҕына ис дууһата, этэ-сиинэ уонна тулалыыр дьоно эрэйдэнэллэр, өр кэм тутуллубут ыгылыйыы киһи доруобуйатыгар охсуулаах буолуон сөп. Онон киһи хомойбутун, кыыһырбытын уоскуйа түһэн баран аһаҕастык кэпсэтэрэ ордук. Ол эбэтэр, биһиги кииммитигэр кэлэҥҥит уопуттаах уйулҕа идэлээхтэрин кытта кэпсэтиэххитин сөп.
Санатан эттэххэ, республикатааҕы психологическэй киин дьону учуокка туруорбат, дьон ыарахан быһылааҥҥа түбэстэҕинэ, бэйэтин кытта биир бииргэ үлэлэһэн, сөптөөх суолу ылынарыгар көмө буолар.
Ким баҕарар биһиги кииммитигэр эрийэн тиийэн, көмө ылыан сөп, өрөспүүблүкэтээҕи итэҕэл төлөпүөнэ – 122, 8-800-100-35-50, Нам улууһун итэҕэл төлөпүөнэ – 89659933719.
Нюргуяна Аргунова