Нам көбүөрүгэр 130 эдэр бөҕөс күөн көрсөр

Нам улууһугар бүгүн, кулун тутар 26 күнүгэр, Петр Юмшанов аатынан оҕо спорт оскуолатыгар «Эрчимэн Бэргэн» хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэҕэ биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһии буола турар.

2007-2008 сыллаах төрүөх уолаттар А, Б бөлөххө араарыллан икки көбүөрүнэн 50 кг, 55 кг, 62 кг, 70 кг, 80 кг, 80 кг үөһэ ыйааһыннарга хапсыһа сылдьаллар. Күрэхтэһиигэ 17 хамаанда: Намтан, Хаҥаластан, Горнайтан, Кэбээйиттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Амматтан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Үөһээ Дьааҥыттан, Өймөкөөнтөн, Абыйтан, Алдантан, Дьокуускайтан — уопсайа 130 бөҕөс сылбырхай хамсаныыны, сымса туттунууну көрдөрө сылдьаллар.

Хас биирдии ыйааһыҥҥа миэстэлэри таһынан, ким баҕалаах күүстэрин-уохтарын тургутунан көрөн, Аан Дархан аатын ылар иһин киирсиэхтэрэ. Манна сүрүн бирииһи Нам улууһун хапсаҕайга федерациятын председателэ Андрей Кузьмин 120 тыһ. солк. туруорда.

«ССРС спордун бочуоттаах маастара, Саха АССР спордун маастара, РСФСР үс төгүллээх чемпиона Петр Алексеев кэриэһигэр улахан дьоҥҥо ыытыллыбыт хапсаҕай уонна бу «Эрчимэн Бэргэн» күрэхтэһиилэрин түмүгүнэн улуустар СӨ хапсаҕайга федерациятын Кубогар кытталларыгар сүүмэрдиир түһүмэх курдук таһымнаах. Итини таһынан, бу сыллаах төрүөх уолаттар 2025 сылга Тааттаҕа буолар «Манчаары оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэрин XXII спартакиадатыгар кыттар саастара буолар, онон «Эрчимэн Бэргэн» эппиэтинэстээх түһүлгэ», — диэн күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Вячеслав Данилов санаатын үллэһиннэ.

Семен Аргунов

Читайте дальше