Улуу кыайыы күнүн “Ипподром” түөлбэ кэрэхсэбиллээх сонуннардаах көрсөр

“Ипподром” олохтоохторо бары субуотунньуктаан Кыайыы күнүн ыраастык көрсөбүт. Ол курдук, “Мичил” уһуйаан иитилээччилэрэ Ветераннар муосталарын араас өҥнөөх флажоктары ыйаан үөрүүнү үксэттилэр. Оттон олохтоохтор былакаат ыйаатылар. Түөлбэ киэн туттар муостата ыраахтан олох ыҥырар, угуйар. Сырдыкка, кэрэҕэ сирдиир диэн ааттыыр Ытык Ветераннарбыт муостатынан бары астына, дуоһуйа хаамабыт.

Улуу Кыайыы күнүн көрсө Ленскэй нэһилиэк депутата Алексей Николаевич уонна эдэр ыччаттар ааттарыттан Гульнара Григорьевна 10 сэрии ыар сылларыгар оҕо саастара ааспыт ытыктабыллаах кырдьаҕастарбытыгар сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

Ити курдук, “Ипподром” түөлбэҕэ, сэлиэнньэбитигэр эдэр ыччат көмөтө улахан эрэли  үөскэтэр. Инникитин да үлэ-хамнас тэтимнээхтик барыаҕа диэн эрэнэбит. Улуу Кыайыы 79 сылын “Ипподром” түөлбэ үөрэ, долгуйа көрсөр.

“Ипподром” түөлбэ актива

Читайте дальше