Улуус кылаабынай архитектора нэһилиэнньэни кытта көрсөн саҕалаата

Намҥа тупсарыы үлэлэрэ ыытыллалларыгар, нэһилиэнньэ туох, ханнык санаалааҕын билээри үгүс көрсүһүүлэр буолаллар. Бу күннэргэ улуус кылаабынай архитектора Анна-Мария Степанова олохтоохтор инникитин Чернышевскай аатынан уулуссаны саҥардарга туох этиилээхтэрин истиэҕэ.

Сытыытык турар боппуруоһу Анна-Мария Степанова урбаанньыттары кытта кэпсэтииттэн саҕалаата. Кырдьыга, дьон Чернышевскай аатынан уулусса суола мөлтөҕүн сөбүлээбэтин биллэрэр, баары аһаҕас, мөккүөрдээх кэпсэтиигэ таһаарааччы элбэх. Киин сиринэн ааһар уулуссаҕа атыы-эргиэн дьиэтэ элбэҕин бэлиэтиибит. Онон, урбаанньыттар көрүүлэригэр-истиилэригэр киирэр уулусса диирбит оруннаах.

“Билигин урбаанньыттары кытта көрсүһүү буолла. Сотору кэминэн, бу тула нэһилиэнньэ туох санаалааҕын көрсөн истиэхпит. Уопсастыбаннай сирдэр барыларыгар табыгастаах буолалларыгар үлэлэһиэхтээхпит”, – диир кылаабынай архитектор Степанова.

Уопсастыбаннай сирдэр тупсалларыгар урбаан эйгэтигэр үлэлиир биир дойдулаахтарбыт көмөлөрө күүстээх тирэх буолуоҕар эрэл баар. Холобура, усулуобуйа баар буолуутун көрүҥэ – аара дьон сынньанан ааһарыгар “Нива +”, “Весна” маҕаһыыннар бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар ыскамыайка туруоран тэрийбиттэрэ төһөлөөх махталлааҕый.

Инники сылларга суол оҥоһуллар түгэнигэр, тротуара суох үргүлдьү биир кэлимсэ асфальт буоларыгар диэн саҥалар тахсаллар. Онуоха, манна майгынныыр эмиэ киин сиринэн ааһар Илья Винокуров аатынан уулуссаҕа төгүрүччү атыы-эргиэн дьиэлэрэ үлэлииллэр эрээри, тротуардаах уулуссаҕа урбаанньыттар сөптөөхтүк тэринэн, оннуларын булан олороллор.

Чернышевскай аатынан уулусса тупсарыытыгар, урбаанньыттар уу ситимин ыытар турбалар суохтарын ыйдылар. Холобура, уунан хааччыллыы баар буолар түгэнигэр, сири көҕөрдүү, сибэкки олордуутун хайысхата сайдарыгар олук буолуо этэ диэн этэллэр. Ону тэҥэ, бүгүҥҥү күҥҥэ, салалта парковка баар буоларыгар миэстэ таһаарарга туруулаһар. Парковкалар баар буолалларыгар сөптөөх толкуйдар бааллар.

“Алдьатар тутан таһаарыы буолбатах, тутан таһаарыы – көрүү-истии буолбатах. Баар итэҕэстэр этиллиэхтээхтэр. Дьон тупсаҕай көстүүлээх үчүгэй сиргэ олорорун ирдиир. Бары өттүнэн табыгастаах сиргэ олорорбут туһуттан, баары харыстыахтаахпыт, хомуйа, көрө-истэ сылдьыахтаахпыт. Холобура, түмсэн субуотунньуктарга тахсыы бэйэтэ кыайыы. Итинник өйдөбүлү дьон иҥэринэр эрэр, сотору кэминэн толору киириэҕэ.

Тутта-хапта сылдьыы култуурата уһун сыллары эрэйэр. Онон саҥаны, кырасыабайы оҥорон, тутан таһаардыбыт да тупсууга бардыбыт диэн буолуо суохтаах”, – диэн быһаарар Анна-Мария Владимировна.

Харысхан Попов

Читайте дальше