Сайыҥны спартакиада кэнниттэн ыйытыылар киирэллэр: «Умсаах, тоҥсуур диэн туох оонньууларый?». Сахалыы остуол оонньууларын көрүҥнэрэ олус элбэх, ордук хабылык уонна хаамыска биллэр. Хабылыкпыт өссе былыргылыы 60 устуукалаах, ол иһигэр 5 боһомолоох эмиэ баар.
5-тии, 7-лии хаамысканан оонньооһун өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр киирбитэ ыраатта. 5-тээх хаамысканы судургутук да, эбэтэр 2-лиитэ, 3-түүтэ тоҥсуйан оонньуохха сөп. Тоҥсуурга спортсмен имигэһэ, түргэн толкуйа көстөр, көрдөрүүтүн тупсарар.
7 устуука хаамысканан кырата үстэ эбэтэр 4 тоҥсуйан оонньонор. Эбэтэр үөһэ быраҕан баран, остуолтан 6 хаамысканы тоҥсуйан ылаҕын. Көрдөххө судургу да, бу барыта дьарык, элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыы түмүгэр кэлэр. Таһыччы оонньооччулар 9 хаамысканан оонньууллар.
Хаамыскаҕа: «Күөрэгэй», «Умсаах», «Сулус» диэн оонньуулар бааллар. Кинилэр хастыы да түһүмэхтэн тураллар. Холобур, «Умсаахха»: аан, ыйдарыылаах, бөтүүк, таммалатыы уо.д.а. Манна араас улуустар хаамысканан былыргыттан оонньуур ньымалара, көрүҥнэрэ киирбиттэр. Сайыҥны спартакиадаҕа аан бастаан 7-лээх хаамыска, «Умсаах» оонньуу киирэн, спортсменнар бары холонон көрдүлэр.
Маргарита Охлопкова.