Уол оҕо — олохпут тутула

Муус устар 24 күнүгэр, Россияҕа «Дьиэ кэргэн», Сахабыт сиригэр «Оҕо саас», Наммыт улууһугар «Оҕо спордун» сылларыгар анаммыт, соҕуруу түөлбэ холбоһук иһинэн сылын аайы ыытыллар «Үрүҥ Уолан-2024» күрэх Партизан оскуолатын эти-хааны чэбдигирдэр, улахан, сырдык-ыраас, олус бэртээхэй саалатыгар буолан ааста. Бу күрэҕи Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо уһуйаанын коллектива, сэбиэдиссэй Протопопова С.Е., иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сүрүннүүр специалист  Гермогенова Е.Н., оҕолору эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга иитээччи Афанасьева Т.Я. көҕүлээһиннэринэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Күрэҕи «Кустук» уһуйаан улахан бөлөҕүн уолаттара, (сал. Захарова М.П.) Светлана Константинова тылыгар уонна матыыбыгар «Эр Хоһуун» ырыаны дуораччы ыллаан, эрчимнээхтик толорон арыйдылар.

Уопсайа 5 уһуйаантан 6 уол (бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро): Үөдэй нэһ. «Чуораанчык» уһуйаантан Радомир Поротов, Хомустах бастакы нэһ. «Мичийээнэ» уһуйааныттан Ян Николаев, «Улыбка» уһуйаантан Ньургун Охлопков, Партизан нэһ. «Кустук» уһуйааныттан Вася Колпашников, Эрсан Петров, Никольскай нэһ. «Веснянка» оҕо уһуйааныттан Рустам Никитин кыттыыны ыллылар.

Уопсайа 5 көрүҥ оонньонно: 20 м сүүрүү, «Үс түгүл үс» ыстаҥа, наартаны ойуу, «Ох» саанан ытыы, мас тардыһыыта.
Сүрдээх тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Хас биирдии көрүҥҥэ мэтээллэр, грамоталар туруорулуннулар. Бары кыттыбыт оҕолор хас биирдиилэрэ, биирдии көрүҥүнэн мэтээл, грамота тутан үөрүүлэрэ үксээтэ, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Уопсай түмүккэ кыайыылааҕынан таҕыстылар:
l м. — Эрсан Петров, Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо уһуйаана;
ll м. — Ян Николаев, Хомустаах маҥнайгы нэһилиэгин «Мичийээнэ»оҕо уһуйаана;
lll м. — Вася Колпашников, Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо уһуйаана.

Бу күрэҕи олус үчүгэйдик хайысхалаан, наардаан, көмөлөһөн ыытыстылар: олохтоох оскуола физкультураҕа учуутала Федоров Д.Д., олохтоох спорт зал салайааччыта Асоев З.Ш., спорт инструктор Христофоров Дь.Д. Кинилэр кэлэн күүс-көмө буолбуттара күрэх барыытын таһымын үрдэттэ. Маннык күрэхтэр өрүү ыытылла, оҕолору көҕүлүү, бииргэ түмэ туруохтуннар.

Саҥа үүнэн эрэр уоланнарбытыгар бу курдук дьаныардаах дьарыгы, үрдүк ситиһиилээх көрдөрүүлэри баҕарабыт. Төрөөбүт төрүт түөлбэлэрин, нэһилиэктэрин, улуустарын мэлдьи киэҥ эйгэҕэ ааттата туруохтара диэн эрэнэбит!

З. Нератова-Тупсууна, Никольскай нэһилиэк, «Веснянка» оҕо уһуйаанын иитээччитэ