Нам сэлиэнньэтигэр бөҕүнэн-сыыһынан туолбут сирдэри сөбүлээбэт, бөх быраҕары утарарар 6 киһи күөл уутуттан пенопластары хомуйда. Ол курдук, бэйэбит туһанар, сынньанар сирдэрбитин харыстыахха, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха диэн ыҥыраллар.
“Күөлгэ субуотунньуктуу тахсыахха” диэн Василий Крымков ыҥырыытыгар түөрт аҕам саастаах уонна дьахтар хардарбыттар. Күөлгэ үс тыы үлэлээн, барыта грузовой массыына пенопласт тахсыбыт. Олохтоохтор олорор сиргитин сыаналааҥ, саҥа кэлэн олохсуйбут, аара тохтобулга кэлбит курдугу тохтотуохха.
“Күөлгэ сыл аайы субуотунньук тэрийэр санаа үөскээтэ. Мантан салгыы бөх-сыыс быраҕарга буочука туруорардыы былаанныыбыт. Күөлгэ кэлбиттэргэ “ыһыма-тоҕума” диэн ис хоһоонноох табличкалар турдулар. Ону тэҥэ, оҕолору кытта кэпсэтии ыыттахпытына, аныгы үйэ ыччата өйдүөҕэ”, – диир Василий Крымков.
Харысхан Попов