Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕо, сиэн ийэтэ, эбэтэ Анна Захаровна Заровняева сыллата дьиэтин таһын уратытык киэргэтэр. Саҥа дьылы маннык оҥорон киэргэтэн көрүстэ: «Моруос оҕонньор айаннаан иһэр», «Арҕахха тыатааҕы сытар», «Мүөт сиир», «Сыыртан сырылыыллар».
-Бырааһынньыктааҕы туругу бэлэхтиибин, сиэннэрбин үөрдэбин, бэйэм дьарык оҥостобун уонна салгын сиибин,— диир Анна Захаровна.
М. Охлопкова, Хамаҕатта