Бэс ыйын 6 күнүгэр Анал байыаннай дьайыы буола турар биир чааһыгар ыксаллаах түгэн үүммүтэ. Өстөөх аҕыс бронетехниката: икки тааҥка уонна алта байыаннай массыына харса суох атаакаҕа эрэллээхтик сүүрдэн киирбиттэрэ. Онуоха Арассыыйа аармыйатын «Алеша» диэн сүрэхтэммит «Т-80» тааҥката өстөөх холуонната иһэрин көрбүтүнэн суос-соҕотоҕун уун-утары харса суох сүүрдэн киирэн холуонна айанын тохтотон, Арассыыйа артиллериятын өйөбүлүнэн өстөөҕү үлтү сынньан дьиҥ-чахчы дойду иһин туруулаһыыны, эрдээх дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүтэ.
Бу түгэн байыаннай кистэлэҥ быһыытынан тута биллибэккэ буолан баран, соторутааҕыта видеота тарҕанан, тааҥка хорсун экипаһын маастарыстыбата бүтүн аан дойдуну сөхтөрбүтэ. Хорсун экипаж үс танкиһыттан биирэ биһиги биир дойдулаахпыт буоларын истэн киэн тутта үөрбүппүт. Кини – наводчик-оператор, Уус Алдан улууһун Байаҕантай нэһилиэгин олохтооҕо Алексей Неустроев. Алексей сатабыллаах кыраҕы кыҥааччытын, таба туһаайан ытыытын биир сулууспалаахтара сөҕө-махтайа эппиттэрин Арассыыйа суруналыыстара бэлиэтииллэр.
Аҕыс Дьоруойдаах Уус Алдан улууһун үс Дьоруойа Байаҕантай нэһилиэгиттэн силистэнэн-мутуктанан, төрөөн-үөскээн тахсыбыттара. Ол курдук, Гражданскай сэрии Дьоруойа Гаврил Егоров, Аҕа дойду сэриитин Дьоруойа Владимир Лонгинов уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамсыы олорор Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев. Аны бу күннэргэ Украинаҕа Анал байыаннай дьайыыга килбиэннээх хорсун быһыытын иһин Алексей Неустроев Арассыыйа Дьоруойун аатын сүктэ. Онон Байаҕантай нэһилиэгэ, киэн туттуохпут иһин, түөрт Дьоруойданна, уус алданнар тоҕус Дьоруойданныбыт.
Ийэ дойду чиэһин иһин хорсун быһыыны көрдөрбүт биир дойдулаахпыт Байаҕантай нэһилиэгин төрүт олохтоохторо, биэс оҕолоох Неустроевтар дьиэ кэргэн улаханнара буолар.
Ийэтэ Зарема Алексеевна Танда орто оскуолатын интэринээтигэр иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир, аҕата Михаил Михайлович – II группалаах инбэлиит.
Салгыы ийэ киһи оҕотун туһунан бу курдук кэпсиир:
– Былырыын алтынньы 6-с чыыhылатыгар Анал байыннай дьайыыга бэбиэскэ кэлбитэ, балаҕан ыйын 30-с күнүгэр дьиэтиттэн тахсан барбыта.
Оҕом туһунан кэпсиир буоллахха, кини сүрдээх сэмэй, элбэх саҥата-иҥэтэ суох киһи. Ыал улахан оҕото буолан, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыта. Кыра сылдьан олус бэрээдэктээх, мэнигэ суох эрээри, наhaa дьээбэлээх этэ.
Киhи этэрин толорумтуо. Оччоттон биhиги сүөhү ииттэр этибит, онно алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан кыhынын ньирэйдэригэр буочукаҕа хаар уулуура, уута куруук толору буолааччы. Сайынын оттоһоро, кыhынын хотон көрсөрө.
Үөрэҕэр орто этэ. Оскуола кэмигэр мас тардыhыытынан сөбүлээн дьарыктана сылдьыбыта уонна кэнники тустуунан дьарыктаммыта.
Алешабыт 11-с кылааhы бүтэрэн баран, икки сыл аармыйаҕа сулууспалаабыта, танковай войскаҕа. Аармыйаттан кэлэн баран Алдаҥҥа мас солооhунугар, куоракка быстах тутуу үлэтигэр үлэлээбитэ. Онтон мобилизацияланыан иннинэ квадроцикл оҥоруутугар сварщигынан үлэлээбитэ.
Биир балтылаах, үс бырааттаах буолан, убай киhи быhыытынан барыларыгар сүбэ-ама биэрэр, кыаҕынан көмөлөhө сатыыр. Кэргэнэ суох. Икки сыллааҕыта аҕабыт инсуллаабытыгар Алёшабыт ыарыылаабыта.
Хорсун быhыытын интернеттэн билбиппит, бастаан утаа, соһуччута да бэрдиттэн буолуо, куттаныы, ыгылыйыы, долгуйуу барыта силбэһэн хайдах да буолуохпутун билбэтэхпит. Билигин дьэ уоскуйан, оҕобутунан киэн туттабыт. Оҕом түргэнник, этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр эрэ баҕарабыт.
Мария Аргунова