Валентина Чиркова: Иэдээни утары охсуһар күүстэрин сөҕө көрдүм

Быйылгы халаан уута Нам улууһун үгүс нэһилиэктэрин ылла. Барыта соһуччу, кыл түгэнигэр тоҕо анньан киирэн, дьон бары тыын өрүһүнэн, ким хайдах кыахтааҕынан халҕаһалыы анньан кэлбит ууттан турар бэйэлэрэ куотан эрэ биэрдилэр. Биһиги, дойдуларыттан атын сирдэргэ олорор дьон, дьоммут туһугар долгуйан, ыраахтан бу иэдээни араас ситимнэринэн көрөн-истэн, өссө күүскэ айманныбыт. Сорох түүнү аахсыбакка айаҥҥа турунна да, суол-иис ууга баран хаайтарыы буолла. Аны сибээс быһынна. Уот барда. Халлаан тымныыта, тыала сүрдээх. Киһи кута-сүрэ баттанар, ыһыллар үлүгэрэ.

Мин төрөөбүт дойдум Модутум туһугар долгуйан, уйгуран хааллым. Илэ хараҕынан көрө-истэ сылдьар дойдум дьонун кытта тэҥҥэ, бу суоһаабыт иэдээҥҥэ бииргэ буолаары, күүс-көмө, сүбэ-ама буолар санааттан, суол-иис тобулан дойдубар айаннаатым.

Тиийэн били ситимнэртэн көрбүт көстүүлэртэн өссө илэ ынырыктаах, киһи дьиксинэр хартыыналара көһүннүлэр. Ол урусхаллар быыстарыгар биир дойдулаахтарым бука бары сомоҕолоһон, иэдээни утары охсуһар күүстэрин сөҕө көрдүм. Айылҕа содулун сахалыы майгынан ким да кырыылаахтык саҥарбакка, санаабакка тургутуу курдук ылынан, чөлгө түһэринэр үлэҕэ эдэрдиин-эмэнниин бииргэ үлэлии сылдьар дьону көрөн кырдьык даҕаны «Норуот күүһэ, көмүөл күүһэ!» эбит диэн санааҕа кэллим. Нөрүөн нөргүйдүм дойдум дьонугар!

Модут кыыһа, СР үтүөлээх артыыһа

Валентина Чиркова

Читайте дальше