Хатырык нэһилиэгин территориятын ыраастааһыны нэдиэлэ бүтүүтүгэр түмүктүүр сорук турар. Бу үлэлэргэ волонтердар көхтөөх кыттыыны ылаллар. Ол туһунан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев иһитиннэрдэ. Кини өрөспүүбүлүкэ Правительствотыттан Хатырык нэһилиэгэр кураторынан анаммыта.
Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр бээтинсэ күн халаан уутун содулун туоратыыга бары хайысханан үлэ салҕанар. Биир бөлөх нэһилиэнньэттэн хорумньуну толуйууга анаан ирдэниллэр докумуоннары хомуйар уонна бэлэмниир. Иккис үлэлиир бөлөх бэнидиэнньиккэ дылы бары учаастактар ыраастаныыларын хааччыйыахтаах. Боппуолдьалартан уонна намыһах сирлэртэн ууну хачайдааһын былаан быһыытынан ыытыллар», — диир нэһилиэк куратора.
Николай Афанасьев волонтердар көхтөөх үлэлэрин, олохтоохторго улахан көмөлөрүн бэлиэтиир.
Олус элбэх волонтердар, араас тэрилэтэлэртэн, министиэристибэлэртэн, ведомстволартан, улуустартан кэлэллэр. Бэҕэһээ Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев бэйэтин бөлөҕүн кытта үлэлээтэ. Күн бүгүн СӨ Правительствотыттан, Ил Түмэнтэн волонтердар көмөлөһө сылдьаллар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, киниэхэ киирсэр тэрилтэлэриттэн халаан уутуттан эмсэҕэлээбит олохтооххо хотонун чөлүгэр түһэриигэ көмөлөстүлэр. Бэҕэһээ «Бүлүү» суол Управлениета 40-н тахса туонна щебенканы суол оҥоһуутугар ыытта,» — диэн эттэ Николай Афанасьев.
Кини иһитиннэрэринэн нэһилиэк хас биирдии дьиэтигэр гаас уонна уот холбонно. Ону таһынан специалистар дьиэҕэ уот проводын туругун бэрэбиэркэлииллэр. Быстах олорор пуун бүгүн оскуолаттан элбэх хайысхалаан кииҥҥэ көһөр, ыам ыйын 28 күнүттэн түмүктүүр экзаменнар саҕаланаллар. Билигин пууҥҥа 100-тэн тахса киһи олорор.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан ыам ыйын 20 күнүнээҕи ыйааҕынан Саха сиригэр «Ыксаллаах быһыы» биллэриллибитэ. Правительствоҕа халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ, экономика объектарын чөлүгэр түһэриигэ бары миэрэлэри ыларга сорудахтаммыта.
Эмсэҕэлээбит олохтоохторго материальнай уонна социальнай көмөнү оҥорууга ыйыы оҥоһуллубута.
«Эҥсиэли» хаһыат